Киир

Киир

Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр «Арассыыйа - биһиги дьиэбит!» диэн Арассыыйа Күнүгэр анаммыт быыстапка үлэлии турар.

Тэрийээччилэр – СӨ Тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэтэ, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ, «Симэх» норуот ускуустубатын уонна уус уран оҥоһугун киинэ.

Кыттааччылар – СӨ Төрүт хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктарын ассоциацията, «Ыраахтааҕы дьаамсыктарын сыдьааннара» СӨ УоТ, СӨ Нуучча общината, «Туган Як» Татар омук култууратын киинэ, СӨ Армяннар сойуустара, СӨ Таджик омук сойууһа, «Тыва» Дьокуускай куораттааҕы тувин омуктар төрүт түмсүүлэрэ, «Төрүт эйгэ» Дьокуускай куораттааҕы сахалар түмсүүлэрэ, «Саха сирин коллекционердара» ӨУоТ, Саха сирин норуодунай түмэлэ, СӨ куукула оҥорооччуларын Сойуустара.   

Быыстапка кэрчиктэрэ: 

🔸  Маанылаах далбар түһүлгэ;

🔹 Славян омуктар үгэстэрин тыыннаах күүһэ (живая сила славянских традиций); 

🔸 Ыраахтааҕы дьаамсыктарын суолларынан (по следам государевых ямщиков);

🔹 Арктика дойдута;

🔸 СӨ национальнай-култуурунай түмсүүлэрэ;

🔹 Араас норуоттар куукулара.

Быыстапка бэс ыйын 20 күнүгэр диэри Төрүт култууралар галереяларыгар үлэлиир. Киириитэ – босхо.

1Быыстапка үөрүүлээх арыллыытыттан түгэннэр2345678910DSC09085DSC09116DSC09122DSC09145DSC09154DSC09163DSC09207DSC09242DSC09262

Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспата сырдатыытыттан