Киир

Киир

От ыйын 30 күнүгэр, улуу Москуба куорат «Коломенское» түмэллээх заповеднигар саха норуотун Ыһыаҕа буолан ааста. Күн устатын тухары бу үгэс буолбут бырааһынньыкка 25 тыһыынчаттан тахса Москуба олохтоохторо уонна ыалдьыттара сырыттылар. Ыһыах Саха сирэ Арассыыйа судаарыстыбатын састаабыгар киирбитэ 390 сылыгар, Саха АССР уонна Саха сирин Постпредствота төрүттэммитэ 100 сылыгар, саха биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэлэ М.К. Аммосов 125 сааһыгар, Арассыыйа норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин Сылларыгар ананна.

Ыһыах кэмигэр «Тымны полюһа - Москуба» диэн устуоруйаҕа киирбит саамай уһун атынан эспэдииссийэ түмүктэммитин официальнайдык бигэргэттилэр. Биллэрин курдук, Өймөкөөн улууһуттан Москубаҕа диэри удьуор сылгыһыттар Дугуйдаан Винокуров, кини уола Дархан уонна Мичил Неустроев Арассыыйа 17 эрэгийиэнин уҥуордаабыттара, 11 тыһ. килэмиэтири саха атынан айаннаабыттара. Онон, быйыл Москуба ыһыаҕын алгыһа саха аттара кыттыылаах ыытылынна.

Театрализованнай көстүү кэмигэр сүүс сыл анараа өттүгэр буолбут устуоруйа чахчыларын көрдөрдүлэр. Ыһыах арыллыытыгар Армения, ДНР, Иордания, Казахстан, КНДР, Монголия, Палестина, Сирия, Туркменистан уонна Узбекистан дэлэгээссийэлэрэ сырыттылар. Москуба национальнай бэлиитикэтин уонна эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы сибээстэрин департаменын салайааччыта Виталий Сучков киин куорат тойоно Сергей Собянин эҕэрдэ тылларын тиэртэ. Кини Ыһыах Москуба куоракка ыытыллыбыта хаһыс даҕаны сыла буолан, киин куорат култуурунай уонна уопсастыбаннай олоҕор биир чаҕылхай тэрээһининэн буоларын бэлиэтээн эттэ.

«Коломенскай» былаһаакката күн устатын тухары Саха сирин кытта билсэр-көрсөр сиринэн буолла. Ыалдьыттар М.К. Аммосов 125 сааһыгар анаммыт устуоруйа чахчытынан экспозиция, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар анаммыт архыып докумуоннарын быыстапката, «Олоҥхо дойдутун оһуордара» диэн Нам улууһун маастардарын уус-уран оҥоһуктарын, ювелирнай киэргэллэрин быыстапка-дьаарбаҥката буолла.

Маны сэргэ, Саха сирин маастардара маастар-кылаастара уонна презентациялара буолан аастылар. Саха норуотун минньигэс аһын-үөлүн, төрүт бүлүүдэтин амсайыы ордук интэриэһи үөскэттэ. Айар кэллэктииптэр уонна өрөспүүбүлүкэ биллиилээх артыыстара ыллаатылар-туойдулар, норуодунай көстүүмнэргэ уонна норуодунай фольклору толорууга куонкурустар, саха төрүт көрүҥ спортивнай оонньууларыгар күрэхтэһиилэр ыытылыннылар.

6eb70892174db576f059fb8f4b206c50bf6a596e9c41a152c2623890782117bf3514ba52572c208461b3f6e1269d70d382204881d2a5a95594e179424593d2c5a2b3b652f2600c7e83f05b9ef114587f 960x640a20a81a5e8a0a158ff3dd51d4fd969b9d193e819d9e333b4eacaa4f067e37d121f1dab7cd2b0dd63d15455abed628b473e8ba151085ffb8abf281545da032916f9d92f6f0781b8756de6bb6894fb646eХаартыскалары ЯСИА-н туһанныбыт

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар