Бэҕэһээ, балаҕан ыйын 7 күнүгэр, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Саха АССР төрүттэммитэ 100 уонна Дьокуускай куорат төрүттэммитэ 390 сылларын чэрчитинэн, «Саха сирэ албан аат сардаҥатыгар» («Якутия в лучах славы») омуктар икки ардыларынааҕы норуодунай бырайыак буолан ааста. Манна эдэр ыччат, оскуола үрдүкү кылааһын үөрэнээччилэрэ, бэтэрээннэр уонна өрөспүүбүлүкэ национальнай-култуурунай түмсүүлэрин бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.
Бырайыак бэйэлэрин үлэлэринэн уонна дьыалаларынан өрөспүүбүлүкэни тупсарыыга, куораттар уонна нэһилиэктэр тас көрүҥнэрин үчүгэй өттүгэр уларытыыга турууһалар дьоҥҥо ананна.
Тэрийээччилэр – СӨ Тас сибээскэ уонна норуоттар доҕордоһууларын дьыалаларыгар Министиэристибэтэ, Дьокуускай куорат дьаһалтата, СӨ Ил Дарханын Архитектураҕа уонна куораты тутууга салалтата, «LETO» куорат эйгэтин боппуруостарыгар компетенция киинэ, «Сделано в Якутии» СӨ Урбаанньыттарын Ассоциацията, СӨ Норуоттарын Ассамблеята, СӨ Норуоттарын ыччакка Ассамблеята, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ.
Бу күн, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин мраморнай саалатыгар, күнүс 14 чаастан «Саха сирин уларытабыт» («Меняем Якутию») диэн уопсастыбаннай эйгэлэр маастар-былааннарын уонна дизайн-бырайыактарын көрдөрөр быыстапканы үөрүүлээх арыйыы буолла. Манна сүрүн тэрийээччи - СӨ Ил Дарханын Архитектураҕа уонна куораты тутууга салалтатын салайааччыта Ирина Алексеева.
****
Бастакы этээскэ, национальнай култууралар галереяларыгар «Саха сиригэр оҥоһуллубуттар» («Сделано в Якутии») диэн олохтоох оҥорон таһаарааччылар бородууксуйаларын көрдөрүү-быыстапката буолла. Манна дьон-сэргэ Саха сиринээҕи урбаанньыттар бэйэ оҥоһуктарын, бородууксуйаларын көрдө, оттон үөрүүлээх арыллыы кэмигэр ыалдьыттары сахалыы муннукка быырпахтаах уонна алаадьылаах көрсүү буолла.
«Саха сиригэр оҥоһуллубуттар» быыстапка кыттааччылара:
- «Көмүлүөк» саха иһитин уонна сувенирдарын оҥорон таһаарыы тэрилтэтэ (урбаанньыт Ольга Григорьевна Григорьева).
- «Суол-Иис», урбаанньыт Сардана Николаевна Олесова. Сылгы сиэлиттэн уонна даҕаны атын матырыйааллартан саха сувенирдарын оҥороллор.
- «Tulluk Brand», урбаанньыт Анна Альбертовна Махарова. Сахалыы дизайнерскай таҥаһы-сабы оҥорон таһаарар тэрилтэ.
- «Sakha Boho Style», дизайнер Анжелика Кириллина. Саха таҥаһын ааптарыскай истииллээх брендэтэ. Бохо истиилгэ таҥаһы-сабы уонна аксессуардары тигэн таһаараллар.
- «Ургэл В» ООО, салайааччы Владимир Давидович Иванов. «Тайна Чингис Хаана» (2009, реж. А. С. Борисов) киинэ уонна «Александр Невский в Срединном мире» пьеса продюсера.
- Souvenir_Mammoth_Yakutia, урбаанньыт Аэлита Владимировна Боескорова. Сэлии муоһуттан сувенирдары оҥорон таһаарар тэрилтэ.
- «Тирэх» СПОК, дириэктэр Антонида Николаевна Барашкова. Биэ эмиийиттэн, хаптаҕастан, моонньоҕонтон уонна сугунтан сироптары уонна барыанньалары оҥорон таһаараллар.
- «Пятый Сезон» тэрилтэ, саха пастилата – Лихановтар дьиэтээҕи аһылыктара, урбаанньыт Вера Петровна Лиханова. Сылгыны иитэр бааһынай хаһаайыстыба, текстильнай оҥорон таһаарыынан дьарыктаналлар уонна фруктаттан, араас отонтон оҥоһуллубут саха пастилатын оҥорон атыылыыллар.
- «Нам Мүөтэ», урбаанньыт Семен Иванович Попов. Мүөтү биэрэр ыҥырыаны иитэллэр, мүөтүнэн эргинэллэр.
- «Саха чэйин дьиэтэ» (“Якутский Чайный Дом»), урбаанньыт Туйаара Степановна Григорьева. Кучу отуттан саха чэйин оҥороллор.
****
Тэрээһин чэрчитинэн тэриллибит Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин бастакы этээһин фойетыгар өссө биир быыстапка баар. Бу - «Ураты Саха сирэ. Кэм-кэрдии ситимэ» («Уникальная Якутия. Нить времени») диэн «Саха сирин коллекционердара» өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай тэрилтэ чилиэнэ Надежда УСОВА өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи аккырыыккаларын кэллиэксийэтин быыстапката. Манна ураты, ханна даҕаны көстүбэт, оччотооҕу саха омук култууратын, олоҕун-дьаһаҕын көрдөрөр хаартыскалар ыйаммыттар.
Маны таһынан, бастакы этээскэ фойе киинигэр «Тапталлаах куоратым» («Любимый город») диэн Сергей Кононов хаартыскаларынан быыстапка тэриллибит. Манна Дьокуускай куорат аныгы уонна билиҥҥи кэм түһэриилэринэн монтажтанан, таҥыллан оҥоһуллубут хаартыскалар бааллар.
****
Салгыы, күнүс 15 чаастан Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин улахан саалатыгар «Куорат - өрө көтөҕүллүү төрдө» («Города как источник вдохновения») питч-сессия уонна «Албан аат дьоно» («Люди Славы») патриотическай аахсыйа дьоро түһүлгэтэ буолла.
Киһи сөҕүөх, саала иһэ тобус-толору киһи – оскуола үрдүкү кылааһын үөрэнээччилэрэ, устудьуоннар, айар куттаах ыччаттар, бэтэрээннэр уонна өрөспүүбүлүкэбит национальнай-култуурунай түмсүүлэрэ.
Тэрээһин кэмигэр, СӨ Тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар миниистирин солбуйааччы Татьяна Пяткина уонна Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин дириэктэрэ Антонида Корякина эҕэрдэ тыллары эттилэр.
Иилэн-саҕалаан ыытааччыларынан Нурудин Нурудинов, Екатерина Егорова уонна Эркин Алексеев буоллулар. Тэрээһин биир ураты көстүүтүнэн Саха сирин норуоттарын Ыччакка Ассамблеятын хамаандатын толоруутугар Өксөкүлээх Өлөксөй «Оттоку олук олук алгыһа» хоһоонун 8 омук тылынан ааҕыы буолла.
Питчинг бириэмэтигэр, кыттааччылар куорат эйгэтин хайдах тупсарыахха сөбүн туһунан үгүс ырытыылардаах, ураты көрүүлэрдээх, анаарыылардаах дакылааттары аахтылар, бэйэлэрин санааларын эттилэр. Кэрэхсэбиллээх, киһи санаатын көтөҕөр, инникигэ эрэл санааны бигэ туруктуур этиилэр иһилиннилэр.
Ол курдук, Дьокуускай куорат Уокуруктааҕы дьаһалтатын куораты тутууга Департаменын куораттааҕы эйгэтин салаатын салайааччыта Егор Чемезов «Дьокуускай куораты тупсаҕай оҥоруу» тиэмэнэн кытынна. Оттон «LETO» куорат эйгэтин боппуруостарыгар компетенция киинин салайааччыта Ирина Маркина бэрт интэриэһинэйдик «Хотугу куораттарга архитектурнай идентичность баар буолуутун айыы» дакылааты аахта. Арассыыйа уонна Саха сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, «Саха сирин култуурата» айар холбоһук актыбыыһа, «ҺӨҔҮҤ» бырайыак ааптара Елизавета Мигалкина ««ҺӨҔҮҤ: саха тыла» креативнай уопсастыбаннай эйгэни айыы уонна «Худуоһунньук хараҕынан саха тыла» быыстапка-куонкурус» тиэмэтин кэпсээтэ. Салгыы «СахаЭко» уопсастыба дириэктэрэ Владимир Григорьев «Экологическай аахсыйа: иккис сырьеҕа контейнердары туруоруу» уонна СӨ урбаанньыттарын Ассоциацияларын бэрэссэдээтэлэ, «Көмүлүөк» хампаанньа төрүттээччитэ Ольга Григьорьева «Саха сиригэр оҥоһуллубут: аан дойдуну баһылыырга!» тиэмэлэринэн кытыннылар.
Питч-сессия кэмигэр, СӨ норуоттарын Ассамблеятын бэрэссэдээтэлэ Александр Подголов национальнай-култуурунай холбоһуктар бэтэрээннэригэр, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитигэр, Өксөкүлээх Өлөксөй сиэнигэр Раиса Реасовна Кулаковскаяҕа, Дьокуускай куорат кореецтарын Ассоциацияларын бэрэссэдээтэлигэр Вера Ги-Веновна Шамаеваҕа, СӨ цыганнарын култуурунай түмсүүлэрин слайааччытыгар Борис Смаилович Гумер-Оглыга уонна Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын төрүт хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар сиэктэрдэрин салайааччытыгар Ольга Петровна Охлопковаҕа бочуотунай бэлиэлэри тиксэрдэ.
Маны сэргэ, ырыа-тойук ылланна, тыыннаах музыка дьиэрэйдэ, үҥкүү-битии даҕаны баар буолла.
Түмүккэ, Саха сирин филармониятын солиһа Василий Пинигин «Мы единое целое» ырыаны толордо.
ТЭРЭЭҺИНТЭН ХААРТЫСКАЛАР
«Саха сиригэр оҥоһуллубуттар» ("Сделано в Якутии") быыстапкаттан
Ураты Саха сирэ. Кэм-кэрдии ситимэ» («Уникальная Якутия. Нить времени») быыстапкаттан
«Тапталлаах куоратым» («Любимый город») быыстапкаттан
Суруйда Ираида Коркина-Чугдаара
Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспатын уонна ааптар хаартыскалара