Киир

Киир

Балаҕан ыйын 11 күнүгэр, Карл Маркс искибиэригэр, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ «Виват! Якутск - многонациональный» бырааһынньыктааҕы чаҕылхай бырагырааманы көрдөрдө. Тэрээһин Саха АССР төрүттэммитэ 100 уонна Дьокуускай куорат 390 сылыгар ананна.
Дьокуускай куорат национальнай-култуурунай холбоһуктара уонна Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин айар кэллэктииптэрэ «Биһиги Сахабыт сирэ», «Дүҥүр алыптаах дорҕоонноро», «Мин дойдум, мин Арассыыйам», “Саха сирин норуоттара эйэлээхтэр уонна сомоҕолоһуулаахтар” тиэмэлэринэн арахсан кэнсиэр көрдөрдүлэр.
Тэрээһиҥҥэ Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев, өрөспүүбүлүкэ национальнай-култуурунай холбоһуктарын бэрэссэдээтэллэрэ уонна даҕаны атын бочуотунай ыалдьыттар сырыттылар.
Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһуулар дьиэтин кэллэктиибэ киин куорат олохтоохтторугар Доҕордоһуу бырааһынньыгын бэлэхтээтэ. Дьоллоох Дьокуускай куораппыт, өссө биирдэ үбүлүөйгүнэн!

01 102 103 104 105 106 107 108 109 110 15777 17778 1DSC08114 1DSC08147 1