«Якутия» авиахампаанньа Уһук Илин олохтоохторугар Дьокуускай-Москуба маршрутунан чэпчэтиилээх билиэт атыытын арыйда. Айан сыаната – 10 000 солк. Маныаха, төттөрү кэлии эмиэ маннык сыаналааҕын туһунан хампаанньа пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Билиэттэри чэпчэки сыанаҕа алтынньы 31 күнүгэр диэри атыылаһыахха сөп. Иккилэригэр диэри саастаах оҕолор анал миэстэтэ суох буор босхо көтүөхтэрин сөп, оттон 2-н 12 диэри саастаах оҕолор билиэти 25% чэпчэтиилээх атыылаһыахтарын сөп. Билиэттэри куорат ханнык баҕарар каассатыттан уонна «Якутия» авиахампаанньа саайтыттан ылыахха сөп.
Санатар буоллахха, чэпчэтиинэн Арассыыйа Федерациятын Уһук Илиҥҥи федеральнай уокуругар регистрациялаах эрэ дьон туһанар кыахтаахтар.