Киир

Киир

Балаҕан ыйын 14 күнүгэр, Уопсастыба доруобуйатын уонна мэдиссиинискэй профилактикатын Өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин быраастара Үөһээ Дьааҥы оройуонугар туруннулар. Кинилэр халаантан эмсэҕэлээбит нэһилиэнньэҕэ профилактическай уонна анал мэдиссиинискэй, саньытаарынай көмөнү оҥоруохтара.

Быраастар мобильнай биригээдэлэрэ Үөһээ Дьааҥы оройуонун киин балыыһатын үлэһиттэрин кытта үлэлиэхтэрэ. Кинилэргэ анал миэстэлээх буолуохтара.

Санатар буоллахха, Үөһээ Дьааҥы улууһугар ардах уутуттан 447 дьиэ, 18 социальнай эбийиэк, олох-дьаһах хаһаайыстыбатын 3 эбийиэгэ, 2 олохтоох дьаһалта дьиэтэ, 4 култуура дьиэтэ эмсэҕэлээбитэ уонна суол-иис алдьаммыта.

Санааҕын суруй