Саха сирин суһал ыстаабын киинэ иһитиннэрэринэн, балаҕан ыйын 16 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэбитигэр 572 киһи СOVID-19 ыарыйда. Суукка иһигэр ыалдьааччы 50,5% Дьокуускайга баар, оттон оройуоннарга - 49,5%.
Бүгүҥҥү туругунан, ыалдьыбыт дьонтон 5,9% балыыһаҕа сытан эмтэнэр, 94,1% киһи дьиэтиттэн эмтэнэр. Ааспыт күн иһигэр 249 киһи үтүөрбүт.
Дьокуускайга 289 киһи ыалдьыбыт.
Оройуоннарга:
- Хаҥаласка - 36,
- Мэҥэ-Хаҥаласка – 34,
- Мииринэйгэ - 28,
- Алдаҥҥа – 25,
- Бүлүүгэ, Тааттаҕа уонна Уус Майдаҕа – 19-туу,
- Намҥа уонна Эбээн Бытантай оройуонугар – 15-тии,
- Нерюнгрига – 12,
- Горнайга – 11,
- Үөһээ Бүлүүгэ – 10,
- Чурапчыга – 8,
- Сунтаарга – 7,
- Муомаҕа – 6,
- Томпоҕо – 5,
- Кэбээйигэ, Орто Халымаҕа – 4-түү,
- Абыйга – 3,
- Аммаҕа, Эдьигээҥҥэ уонна Ленскэйгэ – 1-дии.
Суукка иһигэр өрөспүүбүлүкэ лабаратыарыйаларыгар 3642 саҥа хоруона вируһун булууга чинчийии оҥоһуллубуьтт. Оттон хамсык саҕаланыаҕыттан барыта холбоон 2 549 930 тиэст чинчийиллибит