Саха сирин суһал ыстаабын киинэ иһитиннэрэринэн, балаҕан ыйын 19 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэбитигэр 421 киһи СOVID-19 ыарыйда:
- Дьокуускайга – 190 киһи,
- Мэҥэ-Хаҥаласка - 30,
- Мииринэйгэ - 29,
- Алдаҥҥа – 28,
- Ленскэйгэ – 26,
- Бүлүүгэ – 17,
- Намҥа – 16,
- Сунтаарга – 12,
- Хаҥаласка уонна Орто Халымаҕа – 11-дии.
Маны сэргэ, өссө 11 оройуоҥҥа бииртэн 9-ка диэри ыалдьыбыт киһи баара биллэр.
Суукка иһигэр өрөспүүбүлүкэ лабаратыарыйаларыгар 1236 саҥа хоруона вируһун булууга чинчийии оҥоһуллубут. Оттон хамсык саҕаланыаҕыттан барыта холбоон 2 557 308 тиэст чинчийиллибит
Санатар буоллахха, бигэ иммунитет олохтонорун туһугар, нэһилиэнньэ быһыыны ылара ирдэнэр.