Киир

Киир

Балаҕан ыйын 19 күнүгэр, «Полярные авиалинии» АН-24 сөмөлүөтэ Ус Куйга-Дьокуускай маршрутунан икки чаас устатын тухары биир эрэ двигателлээх көппүт.

Авиахампаанньа үлэһиттэрэ этэллэринэн, сөмөлүөт айаннаабыта биир чаас буолбутун кэннэ өйдөөн көрбүттэрэ, хаҥас өттүнээҕи көтөр аппарааты хамсатар оҥоһук (двигатель) үчүгэйдик үлэлээбэккэ турар эбит. Сөмөлүөт хамандыыра двигатели толору араарарга сорудахтаабыт уонна эрдэ таҥыллыбыт инструкция быһыытынан, Ан-24 көтөн истэҕинэ маннык түгэн тахсыытыгар туттуллуохтаах ньыма этэринэн, үһүс реактивнай хамсатааччыны холбообут.

Көтөр аал, онон, сүрүн уонна саппаас хамсатааччы тэрил көмөтүнэн, айанын салҕаабыт. Ол курдук, 17:55 ч. Сөмөлүөт этэҥҥэ Дьокуускай аэропуордугар көтөн кэлбит, биир даҕаны олорсон иһээччи эмсэҕэлээбэтэх.

Санааҕын суруй