Киир

Киир

Алтынньы 1 күнүттэн мөлүйүөн кэриҥэ бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастара үрдүөҕэ. Ол эрээри, кинилэргэ ыам ыйынааҕы РФ бэрэсдьиэнин ыйааҕа сыһыана суох.

Сорохторго 2023 сыл саҕаланыаҕыттан, тохсунньу 1 күнүттэн хамнастара үрдүөҕэ. Билиҥҥи төлөбүр федеральнай бүддьүөттэн буолбакка, эрэгийиэн киэниттэн кэлэр, онон, кээмэйэ улаханнык араастаһыан сөп. Бу туһунан «Прайм» эгиэнистибэҕэ Г.В. Плеханов аатынан Арассыыйатааҕы экономическай университет экономика хаапыдыратын доцена Александр Тимофеев иһитиннэрэр.

«Ыксаллаах-быһыы майгы министиэристибэтин быыһыыр кииннэрин үлэһиттэрин, социальнай эйгэ, гидрометеорологическай сулууспа, Роспотребнадзор гигиенатын кииннэрин, Ростандарт стандартизациятын, метрологиятын уонна боруобалыыр кииннэрин, инбэлииттэргэ аналлаах кииннэр уонна атын хайысха үлэһиттэрин хамнастара үрдүөхтээх», - диэн кини быһаарар.

Эспиэр этэринэн, индексация кээмэйэ олохтоох бүддьүөт төһөнү көрбүтүттэн тутулуктаах буолуоҕа. Ортотунан, түөрт-алта бырыһыан иһинэн араастаһар, ол эрээри, төлөбүр үрдүк даҕаны буолуон сөп. Гынан баран, Тимофеев инфляция кээмэйэ үрдээбэт кэриҥнээҕин туһунан кэпсиир (инфляция кээмэйин үрдээһинэ билигин сылга 14%). Кини манна даҕатан, биир-икки тыһыынча солкуобайынан даҕаны хамнас эбиллэрэ син биир төлөбүр үрдүүрүн туоһутунан буолар диэн этэр.

Санааҕын суруй