Киир

Киир

РФ Оборуонаҕа миниистирэ Сергей Шойгу иһитиннэрбитинэн, Украинаҕа буола турар анал байыаннай эпэрээссийэҕэ 300 тыһыынча резервэҕэ сылдьааччылары ыҥырыахтара. Кини этэринэн, Арассыыйа билигин Укаринаны эрэ кытта буолбакка, бүтүн Арҕааҥҥы дойдулары кытта сэриилэһэригэр тиийэр. Миниистир бэлиэтээбитинэн, устудьуоннары байыаннай сулууспаҕа ыҥырыы буолбат, маны сэргэ, суһал сулууспа саллааттара эмиэ ыҥырыллыбаттар.

Шойгу этэринэн, суһал байыаннай ыҥырыыны сулууспалаабыт дьон тутуохтара, бастатан туран, байабыай уопуттаахтар, байыаннай-учуотунай идэлээхтэр ыҥырыллаллар.

Маныаха, миниистир Арассыыйаҕа олус улахан мобилизационнай ресурс, 25 мөлүйүөнтэн тахса ахсааннаах ыҥырыыга эппиэттэһэр киһи баар диэн эттэ. Онон, итинтэн бу этиллибит мобилизацияҕа 1% эрэ хабыллар.

Шойгу биллэрбитинэн, ыҥырыллан хомуллубуттары, бастатан туран, баһыламмыт сирдэр холбоһор лииньийэлэрин таһын хонтуруоллуурга анаан утаарыахтара.

«Холбоһуу лииньийэтэ (линия соприкосновения) диэни фронт лииньийэтэ диэн быһаарыахха сөп. Бу уһуна биир тыһыынчаттан тахса килэмиэтир. Биллэн турар, кэннибитигэр баары бөҕөргөтөр ордук, бу сирдэри хонтуруоллуохха, көрүөххэ-истиэххэ наада. Бастатан туран, бу соругу толорор туһуттан быстах хомуур үлэтэ (частичная мобилизация) барар», – диэн миниистир этэр.

Биллэринэн, Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйа Федерациятыгар быстах хомууру оҥоруу туһунан ыйаахха илии баттаабыта. Кини бэлиэтээбитинэн, анал байыаннай эпэрээссийэ сүрүн соруктара уларыйбаттар, ЛНР босхоломмут, оттон ДНР сороҕо эрэ быыһаммыт. Хомуур тэрээһиннэрэ балаҕан ыйын 21 күнүттэн саҕаланнылар. Ыҥырыыны, эрдэ этиллэн аһарыллыбытын курдук, уопуттаах байыаннай үөрэҕи ааспыт дьон тутуохтара.

Бэрэсидьиэн бэйэтин ыйааҕынан эрэгийиэннэр баһылыктарыгар мобилизацияҕа ыҥырыыны ахсаанын уонна болдьоҕун ыйан туран ыыталыырга сорудахтаабыта. Украинаҕа буола турар анал эпэрээссийэҕэ кыттар дьон байыаннай сулууспалааччы статуһун ылыахтара уонна байыаннай хантараагы толоруохтара.

Балаҕан ыйын 20 күнүгэр, Судаарыстыбаннай Дуума иккис уонна үһүс ааҕыыларыгар Холуобунай кодексаҕа уларытыылары киллэрбитэ, маныаха, «мобилизация», “байыаннай балаһыанньа” уонна «байыаннай кэм» диэн өйдөбүллэр киллэриллибиттэрэ.

Онон, докумуонунан Холуобунай Кодексаҕа «Бэйэ баҕатынан билиэҥҥэ бэринии» («Добровольная сдача в плен», 352.1 ыстатыйа) уонна «Мародерство» (356.1) диэннэр эбиллибиттэрэ. Судаарыстыбаны таҥнарыы бэлиэтэ суох билиэҥҥэ бэринии иһин 10 сылга диэри, оттон «мародерство» иһин 15 сылга диэри көҥүл быһыллыан сөп.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар