Бары билэргит курдук, бэрэсидьиэн В.В.Путин балаҕан ыйын 21 күнүнээҕи “Быстах байыаннай хомууру биллэрэр туһунан” ыйааҕын толорууга дойду үрдүнэн күргүөмнээх үлэ бара турар. Сахабыт сирин үгүс дуоһунастаах үлэһиттэрэ, ону толороору, сөп түбэһэр да, түбэспэт да дьоҥҥо түүннэри бэбиэскэ туттардылар, үчүгэйдик хомунар да кыах биэрбэккэ, үлэлэриттэн, дьиэлэриттэн үргүлдьү хомуур пууннарыгар, онтон сорохторун байыаннай эпэрээссийэҕэ илдьэ бардылар.
Сиэри таһынан ыгыы-түүрүү, элбэх оҕолоох, барбат төрүөттээх дьону суһаллык хомуйан илдьии туһунан суруйуулар социальнай ситимнэри толордулар. Маннык омуннаах, төһө оруннааҕа биллибэт дьаһаныыттан дьон улаханнык айманна, уолуйда, кэлэйдэ. Ордук от-мас үлэтин тиһэҕэр диэри үмүрүппэккэ сылдьар тыа дьоно, көмө көрдөөн, араас ис хоһоонноох суруйуулары, аудионан туһаайыылары, видеолары тарҕаттылар.
Биһиги Дьокуускайга балаһыанньа хайдаҕын билээри, Хомуур пууна буолан турар “Кыайыы 50 сыла” успуорт дыбарыаһыгар тиийэ сырыттыбыт. Манна үлэлии олорооччулар барыларын докумуоҥҥа киллэрэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи хомуур пуунугар эрэ атаарар соруктаахтар. Арай 16-гар диэри саастаах түөртэн элбэх оҕолоох эр дьону эрэ босхолуур эбиттэр.
Киэһэ 18 чаас саҕана ыҥырыллааччы наһаа элбэҕэ суох буолан биэрдэ. Инники хомуллубут баартыйа соторутааҕыта барбыт кэмэ. Саҥа баартыйа оптуобус кэтэспитэ икки чаас буолбут. Быһа холуйан, уонча эр киһи баар. Кинилэргэ сэмээр чугаһаан, аҕыйах киһини кытта кэпсэттим. Кэпсэттэҕим ахсын, бу буола турар хомуурга сокуону кэһиигэ майгынныыр элбэх түгэни бэлиэтиибин.
Бастакы түгэн. Кэпсэппит дьоммутуттан түөрдэ аармыйаҕа хаһан да сулууспалаабатах дьон буолан биэрдилэр. Ол эрээри кинилэри үлэлэриттэн тоҕо эрэ “Хомуур пуунугар тиийиҥ” диэн күһэйбиттэр. Кинилэр ортолоругар хаһан да сулууспалаабатах, уруккута биллэр суруналыыс Стас Софронов сылдьар. Дьиҥэр, өрөспүүбүлүкэ байыаннай хамыһаара Александр Авдонин аҕыйах хонуктааҕыта биэрбит официальнай быһаарыытыгар “Cулууспалаабатах, байыаннай-учуотунай идэтэ, бойобуой уопута суох дьону ыҥырбаппыт” диэбитэ эбээт.
Иккис түгэн. Хомууртан босхолонор араҥаҕа обороннай-промышленнай холбоһук үлэһиттэрэ киирэллэр. Кинилэр “броньнаахтар”. Ону баара, өрөспүүбүлүкэни хааччыйар биир улахан тэрилтэ 31 үлэһитин ыҥыран ылбыттар. Кыстык саҕана үлэһитэ суох хаалар кыһалҕаламмыт салайааччы кырдьыгы булаары сүүрэ-көтө сылдьар.
Үһүс түгэн. Байыаннай хаапыдыраны бүтэрбиттэр аармыйаҕа сулууспалаабыт дьоҥҥо тэҥнэспэттэр диэн буолбута. Биир 42 cаастаах, икки оҕолоох ыал аҕата, ол хаһан эрэ үрдүк үөрэххэ үөрэнэ сылдьан ылбыт байыаннай идэтинэн ыҥырыллан, сулууспалыы бараары бэлэм олорор. Этэн көрдүм да, “байыаннай идэлээхпин”диир.
Төрдүс түгэн. Инники барбыт баартыйаҕа 59 саастаах эр киһини ылбыттар диэн кэпсээтилэр. Кини 60 cааһын туолуо сыл аҥаара эрэ хаалбыт. Байыаннай хамыһаар Александр Авдонин иһитиннэриитигэр “быстах байыаннай хомуурга бастакынан сулууспалаабыта үс сылтан ыраата илик дьону ылабыт” диэбитэ. Оттон ол киһи хаһан сулууспалаабытын сааһыттан көрөн сэрэйэр туох да уустуга суох.
Бу аҕыйах, уонча киһи эрэ холобуругар, элбэх да ыйытыы үөскүүр. Оттон хас биирдии ыҥырыллыбыт киһи холобурун ыллахха, уустук балаһыанньаҕа киирэн, улахан кыһалҕаҕа кыһарыйтаран сылдьааччы элбэх. Холобура, 35 саастаах сэһэргэһээччим, икки кыра оҕолоох аҕа, саҥардыы чааһынай дьиэ туттан бүппүт. Оттор систиэмэтин тардаары сылдьыбыт. Хомуур саҕаламмытын истээт, муус устар ыйга “Предписание” диэн докумуону туппут буолан, бэбиэскэтэ суох бэйэтэ тиийэн кэлбит. “Саатар аҕыйах күн дьиэҕин-уоккун бэрийэн баран кэлиэххин”, - диэбиппэр, “Кырдьыга да, оннук гыммаккабын”, - диэн санаарҕыыр. Бу кэмҥэ манныгы үөйбэтэх даҕаны кэргэнэ эрийэн “Дьиэҕэр кэлэр инигин?” диэн ыйытар. Хомойуох иһин, бу уол урут сулууспалаабыт, байыаннай идэлээх киһи быһыытынан, бөлүүн “Маяктан” үргүлдьү анал эриэйсэнэн көппүтэ сабаҕаланар.
Мантан сиэттэрэн, дьон бу өттүгэр билиитэ тиийбэтиттэн ыксалынан сыыһа-халты туттан, быраабын күөмчүлэтэр түгэннэрэ тахсар чинчилээхтэр. Онон, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Байыаннай хамыссарыйаата байыаннай хомуур хайдах баран иһэрин, төһө киһи ыҥырыллыбытын, онтон төһөтө босхоломмутун туһунан быһаарыылары сонуну тарҕатар эйгэлэргэ киэҥник биэрэн иһиэхтээхтэр, оттон юрист үөрэхтээхтэр бу кэмҥэ кыһалҕаламмыт дьоҥҥо көмөнү босхо оҥоруохтаахтар дии саныыбыт. Муҥ саатар, баар сокуоннары тутуһууну ирдэһэн, быстах байыаннай хомуур ис хоһоонун токурутуу тахсыбатын ситиһиэҕиҥ.
Биллэриллибит быстах байыаннай хомуурга сөп түбэспэт категориялаах киһини ыҥырбыттарын уонна ыыппыттарын билэр, ону тугунан эмэ (докумуонунан, видеонан) туоһулуур буоллаххытына, Этот адрес электронной почты защищён от спам-ботов. У вас должен быть включен JavaScript для просмотра. почтаҕа эбэтэр бассааптаах 8(914)8200975 нүөмэргэ суруйуҥ.
Хомуур пуунугар сырытта КҮНДЭЛИ