Киир

Киир


Байыаннай сулууспаҕа хомуурунан ыҥырыллан эбэтэр хантараагынан сулууспалыы барбыт үлэһиттэргэ РФ Үлэ кодексыгар эбии мэктиэлэри киллэрдилэр. Бу 2022 сыл алтынньы 7 күнүгэр олоххо киирбит 376 N-дээх "РФ Үлэ кодексыгар уларытыылары киллэрэр туһунан" федеральнай сокуоҥҥа көстөр. Кинилэр үлэҕэ сыһыаннаах бырааптарын саҥа 351.7 ыстатыйа хааччыйар.  

Үлэ дуогабара хомуурунан байыаннай сулууспаҕа эбэтэр РФ Сэбилэниилээх күүстэрин соруктарын баҕа өттүнэн толоро барыы кэмигэр тохтотуллар. Эбии көннөрүүгэ үлэ дуогабара үлэһиккэ эрдэ көрүллүбүт бары социальнай мэктиэлэри хаалларан туран (үлэһити эбии страховкалааһын, үлэһит биэнсийэтин судаарыстыбаны таһынан  хааччыйыы, үлэһит тус уонна дьиэ кэргэнин социальнай уонна олорор усулуобуйатын тупсарыы) байыаннай сулууспа бүтүөр диэри тохтотуллар диэн сурулунна. Ону сэргэ, үлэ дуогабарын тохтотуу кэмигэр сулууспалыы сылдьааччыга үлэ ыстааһа (сааһынан страховкалаах биэнсийэҕэ эрдэ тахсар түгэниттэн ураты), ону сэргэ идэтинэн эмиэ, ааҕыллар буолар.

Саҥа ыстатыйа этэринэн, тохтотуллан турар үлэ дуогабара ыстааска киирэринэн, хомуурунан байыаннай сулууспаҕа сылдьааччы сыл ахсын төлөбүрдээх уоппускаҕа барар бырааптанар. Ону таһынан, тохтоон турбут үлэ дуогабара аһыллыбытын кэннэ үлэһит алта ый иһигэр хайа баҕарар кэмҥэ сыллааҕы төлөбүрдээх уоппусканы ыстааһыттан тутулуга суох ылар бырааптанар. Өскөтүн байыаннай сулууспа болдьоҕо бүппүтүн кэннэ үлэһит үс ый иһигэр үлэлии тахсыбатаҕына, үлэни биэрээччи көҕүлээһининэн, үлэ дуогабара көтүллэр. Үлэ дуогабара тохтоон турар кэмигэр (тэрилтэ сабыллар, чааһынай урбаанынан дьарыктаныы тохтуур эбэтэр үлэ дуогабарын болдьоҕо бүтэр түгэниттэн ураты) байыаннай сулууспаҕа сылдьааччыны үлэни биэрээччи көҕүлээһининэн үлэттэн ууратыы көҥүллэммэт.    

Хомуурунан эбэтэр баҕа өттүнэн байыаннай сулууспаҕа сылдьааччы дьиэ кэргэнигэр эмиэ эбии мэктиэлэр көрүлүннүлэр. Хомуурунан эбэтэр баҕа өттүнэн байыаннай сулууспаҕа сылдьар төрөппүттээх 14 диэри саастаах оҕо иккис төрөппүтүн үлэ чааһын таһынан үлэҕэ, түүҥҥү үлэҕэ, өрөбүллэргэ уонна  бырааһынньык күннэригэр үлэлэтэр көҥүллэммэт. Маны сэргэ, тэрилтэҕэ үлэһит ахсаанын сарбыйыы ыытыллар түгэнигэр бу араҥаҕа киирэр киһи үлэлиир миэстэтэ харыстаныахтаах диэн чопчуланна.

Сонун төрдө: СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтэ

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар