Киир

Киир

Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕынан, 2022 сыл олунньу 24 күнүгэр саҕаламмыт байыаннай эпэрээссийэҕэ ыҥырыллан уонна баҕа өттүнэн барбыт сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин өйүүр миэрэлэр олохтоннулар. Маны сэргэ, өйөбүлү ылыыга сайабылыанньаны биэрии ирдэбилэ судургутулунна.   

Ол быһыытынан, анал байыаннай дьайыыга кыттааччы дьиэ кэргэниттэн сылдьар устудьуоннар ыйга 5607 солкуобай кээмэйдээх анал истипиэндьийэни ылар буолуохтара. Ону таһынан, кинилэри тус сыаллаах үөрэх дуогабарынан үрдүк уонна орто үөрэх кыһаларыгар киириигэ инники ылыахтара.     

Устудьуон анал истипиэндьийэни ылыыга сайабылыанньаны МФЦ офиһыгар биэрэр. Кини байыаннай сулууспалаахха чугас аймах буоларын, ханна олорорун, үөрэнэрин туоһулуур докумуоннары туттарара ирдэнэр.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар