Алтынньы 12 күнүгэр Арассыыйа энэргиэтикэтин нэдиэлэтин сүрүн мунньаҕар Владимир Путин гааһы чэпчэтиилээх киллэрии тосхолун салгыы үлэлэтэргэ соруйда. Бу тосхолунан гааска, чааһынай дьон эрэ буолбакка, нэһилиэнньэлээх пууннар тыын суолталаах эбийиэктэрэ эмиэ холбонуохтара.
Бэрэсидьиэн этиитин Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар анаан быһааран биэрдэ. «Маннык тосхол баар буолан, алтынньы ыйдааҕы туругунан, дойду үрдүнэн 300 тыһ. тахса дьиэҕэ гаас киирбит, итинтэн Саха сиригэр – 3169. Тосхол уһуурун таһынан, Владимир Владимирович регионнар салалталарыгар намыһах дохуоттаах дьиэ кэргэттэргэ гаас тэрилин атыылаһыыга 100 тыһ. солк. кээмэйдээх субсидияны биэрэргэ соруйда. Оттон биһиги маннык көмөнү номнуо оҥоро сылдьабыт. Кээмэйэ - 150 тыһ. солк.», - диэн кини бэлиэтээтэ.
Маны таһынан, Владимир Путин, энэргиэтикэҕэ куттал суох буолуутун хааччыйар туһугар, 2025 сылга гаас тэрилин 80%-на Арассыыйаҕа оҥоһуллар буолуоҕа диэн тоһоҕолоон эппит.
Сонун төрдө: CӨ Бырабыыталыстыба уонна Ил Дархан пресс-сулууспата