Киир

Киир

Бэҕэһээ алтынньы 23 күнүгэр Иркутскай куоракка СУ-30 байыаннай сөмөлүөт чааһынай мас дьиэлэргэ сууллан, улахан аймалҕан таҕыста. Хата, бу кэмҥэ олохтоохтор дьиэлэригэр суох буоланнар, ким да өлбөтөх. Икки киһилээх экипаж суох буолбут. Балаҕан ыйын 17 күнүгэр Ейск куоракка эмиэ байыаннай СУ-34 сөмөлүөт сууллан, 15 киһи тыына быстыбытын санатабыт.

Киин сирдэр сонуну тарҕатар ситимнэригэр суруйалларынан, быһылаан тахсыан иннинэ икки СУ-30 сөмөлүөт үөрэнэр көтүүлэри оҥорбуттар. Онуоха, биир сөмөлүөт экипаһа 20 мүнүүтэни быһа сибээскэ тахсыбатах. Иккис сөмөлүөт көтүүнү тохтотон, сиргэ түһэн бастакы сөмөлүөт түспэтэҕин көрбүт уонна төттөрү көрдүү көппүт.  Ол кэннэ сүппүт сөмөлүөт көтө сылдьарын ситэн ылан, лүөччүктэр кабинаҕа өйдөрүн сүтэрэн, төбөлөрүн хоҥкутан олороллорун көрбүт. Сотору буолаат, бу сөмөлүөт куорат үрдүнэн эргийэ түһэн баран, чааһынай түөлбэҕэ сууллубут.

Биллибит чахчыларга олоҕуран, эспиэрдэр туох буолбутун сабаҕалыыллар. Бастатан туран, лүөччүктэр өйдөрүн сүтэрбиттэрэ  чахчы. Истребители ыытыы кэмигэр пилоттар кислородтаах маасканы кэтиэхтээхтэр. Өйү сүтэрии төрүөтүнэн кислородунан хааччыйар тэрил алдьаныыта буолуон сөп. Ол да иһин, сууллуу кэмигэр сөмөлүөт туһаайыытын көннөрө сатыыр биир да сибики суох. Сууллубут сөмөлүөт уматыга бүппүт диэн этии сыыһата чопчу биллэр.  Ону двигателин тыаһа туоһулуур. Кураанах баахха двигатель үлэлээн, ол эбэтэр тыаһаан бүтэр. Сөмөлүөт автопилотунан көтө сылдьыбыт диэн этиигэ эспиэрдэр эмиэ утараллар. Тоҕо диэтэххэ, өйдөрүн тута сылдьар пилоттар ыксаллаах быһыыга-майгыга сөмөлүөттэн ыстанарга күһэллэллэр. Оттон Арассыыйа үгүс истребителлэрэ баахтара толору буоллаҕына, лүөччүгэ суох ыраахха диэри көтөллөр уонна баахха оттуктара бүттэҕинэ биирдэ намтыырга бараллар. Маны таһынан, сууллубут сөмөлүөт боекомплега суох көппүтэ биллэр.

Бу быһылааҥҥа көтөр аалы туһаныы быраабылаларын уонна көтүтүү ирдэбилин кэһии иһин холуобунай дьыала тэрилиннэ. Регион салалтата сөмөлүөт сууллубут дьиэлэригэр олорор икки ыалга 100-түү тыһ. солк. биэрэргэ быһаарбыт. Дьиэни чөлүгэр түһэрии кыаллыбат түгэнигэр, дьиэнэн хааччыйыахпыт диэн эрэннэрбит.