Ленскэй куорат «Батамайское» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэтэ ньирэйи төлөһүтэр 200 миэстэлээх хотону үлэҕэ киллэрбит. 1000 кв. миэтирэ иэннээх эбийиэги урукку көтөр дьиэтин оннугар саҥардан туппуттар.
Тэрилтэ бу тутууга тус үбүттэн 12 мөл. солк. ыыппыт. Ол курдук, дьиэ үрдүн өрөмүөннээбиттэр, халыҥаппыттар, вентиляция туруорбуттар, муостатын бетоннаабыттар, сылытар ситими тардыбыттар. Саҥа ньирэй хотоно аныгы ирдэбилгэ толору эппиэттиир. Ньирэйдэри аһатыы, саахтарын таһаарыы механизированнай систиэмэнэн барар.
Дириэктэр Николай Ефимов урукку көтөр дьиэтин ньирэй хотонугар биэрбиттэрин иһин оройуон салалтатыгар олус махтанар. Кини иһитиннэрбитинэн, тэрилтэ кэнники үс сылга сүөһү төбөтүн ахсаанын үс төгүл элбэппит. Билигин сүөһү уопсай ахсаана - 700, итинтэн ыанара – 280. Тэрилтэ сыл ахсын 30 туонна ынах этин оҥорон таһаарар. Саҥа эбийиэк үлэҕэ киирбитинэн, тэрилтэ 45 туонна эти ылыыга тахсыаҕа. Эһиил ньирэй хотонун иккис уочараттаах тутуута ыытылыннаҕына, 80 туонна эти ылар буолуохтара. Маны таһынан, тэрилтэ эттиир пуун туттаран сибиэһэй эти тутатына атыыга таһаарар баҕалаах.
Сонун төрдө: CӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата