Бу сарсыарда анал байыаннай дьайыыларга бастакынан баҕа өттүнэн хомуллан барбыт «Боотур» этэрээт 13 байыаһа эргиллэн кэллилэр. Дьоруойдары Ил Дархан Айсен Николаев, чугас дьонноро, доҕотторо, кэллиэгэлэрэ көрүстүлэр.
«Маннык көрсүөхтэрэ дии санаабатахпыт. Олус үөрдүбүт. Сахабыт сирин салалтатыгар, Айсен Сергеевичка анал байыаннай дьайыыларга сылдьарбыт тухары өйөөбүккүт иһин улаханнык махтанабыт », – диэн этэрээт хамандыыра Александр Колесов санаатын эттэ.
Хомойуох иһин, этэрээт аҕыс байыаһа, кыргыһыы хонуутугар охтон, дойдуларыгар эргиллибэтилэр. Айсен Николаев кинилэр дьиэ кэргэттэригэр дириҥ кутурҕанын биллэрдэ. «Аҕыс биир дойдулаахпыт аҕа дойдуларын көмүскүү сылдьан дьоруойдуу өллүлэр. Кинилэр үтүө ааттара үйэлэргэ умнуллуо суоҕа. Биһиги дьиэ кэргэттэригэр, чугас дьонноругар өрүү көмөлөһө туруохпут», - диэн тылын биэрдэ.
Санатан этэххэ, доброволецтар «Боотур» этэрээттэрэ бэс ыйыгар тэриллибитэ. Этэрээт , «Барс» иккис этэрээтин састаабыгар киирэн, Харьков уобалаһыгар барбыт байыаннай дьайыыларга кыттыбыта.
Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата
Хаартыска: Андрей Сорокин, ЯСИА