Уһук хотугу Анаабыр бибилэтиэкэтигэр бэс ыйыттан дьикти үлэһит – бибилэтиэкэр-робот үлэлиир.
Кини ааҕааччыларын Норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн эҕэрдэлээбит. “Бу Аҕа дойдунан киэн туттар бырааһынньыкпыт. Биһиги устуоруйаҕа сүгүрүйүөх тустаахпыт уонна харыстыах кэриҥнээхпит” диэн робот долгутуулаах тыллары эппит. Бибилэтиэкэр-робот саҥарарын дириэктэр Марфа Боярская уһулан ылбыт.
Култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирэ Юрий Куприянов маннык үлэһити оҕолор уонна эдэр дьон олус сэргииллэрин бэлиэтээтэ:
- Бибилэтиэкэ үлэтигэр саҥа технологиялары туһаныы эдэр ааҕааччы элбииригэр төһүү буолар. Аныгы бибилэтиэкэ бары өттүнэн кэрэхсэбиллээх уонна оҥорор өҥөтө элбэх буолуохтаах. Бу соругу толорууга «Култуура» национальнай бырайыак улахан суолталаах. Ол чэрчитинэн Анаабыр улууһун Саскылаах сэлиэнньэтин бибилэтиэкэтигэр хапытаалынай өрөмүөн оҥоһулунна уонна кинигэнэн, тиэхиньикэнэн хааччыллыы барда. Манна федеральнай бүддьүөттэн 10 мөл. солк. тахса үп көрүлүннэ, - диэн миниистир эттэ.
Бибилэтиэкэр-робот ааҕаччыларга ыйан-кэрдэн, туһааннаах кинигэни булан, ыспыраапка таһааран биэрэр эбээһинэстээх. Ону таһынан, кини тэрээһиннэргэ ыытааччы эбэтэр араас тиэмэлэргэ дьону аралдьытааччы буолуон сөп.
Сонун төрдө: Култуура уонна духуобунай сайды министиэристибэтин пресс-сулууспата,
Хаартыска: Анаабыр бибилэтиэкэтэ