Киир

Киир

Олоҥхо дьыктаанын өрөспүүбүлүкэ 301 бибилэтиэкэтигэр 5555 киһи суруйда. Олортон  тыһыынчаттан тахса киһи «туйгун» сыананы ылла. Элбэх туйгун суруйааччылаах муниципальнай тэриллиилэри кыайыылаах кубогынан наҕараадалыахтара.

Аахсыйаҕа Калининградка олорор биир дойдулаахтарбыт кыттыспыттара сонун буолла. Быйылгы тэрээһин өссө биир уратытынан дьыктаан аан маҥнайгытын икки тылынан суруллубута буолла.

Саха сирин Национальнай бибилэтиэкэтигэр дьыктааны сэтинньи 26 күнүгэр 70 кэриҥэ киһи суруйда. Сахалыы дьыктааны ХИФУ Олоҥхо институтун научнай үлэһитэ Марианна Сатанар аахта.  Оттон Владимир Державин нууччалыы тылбааһыттан быһа тардыыны ХИФУ филологическай факультетын дассыана Татьяна Бердникова аахта.

Аан маҥнайгы «Олоҥхо дьыктаана» аахсыйа 2019 сыллаахха ыытыллыбыта. Онно  28 улуустан уонна Дьокуускай куораттан 9 тыһыынчаттан тахса киһи кыттыбыта.

Сонун төрдө: CӨ Национальнай бибилэтиэкэтин медиа-киинэ 

Бүтэһик сонуннар