Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!
Эһигини Арассыыйа Федерациятын Конституциятын күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Судаарыстыбабыт 1993 сыл ахсынньы 12 күнүгэр ылыммыт Сүрүн сокуона Арассыыйа устуоруйатыгар саҥа кэрдиис кэми түстээбитэ. Бар дьон өйөбүлүнэн дэмэкирээтийэҕэ олоҕурар уопсастыбаны олохтуурга устуоруйаҕа киирэр дьоһун хардыы оҥоһуллубута. Арассыыйа Конституцията улуу держава суверенитетын уонна биир кэлим сирин-уотун бөҕө акылаатынан буолбута. Бу докумуон Арассыыйа гражданнарыгар сокуону өрө тутар судаарыстыбаны түстэһэр кыаҕы биэрбитэ итиэннэ гражданскай уопсастыба үөскүүрүгэр дьон ис көҕүн
уһугуннарбыта. Киһи, кини бырааба уонна көҥүлэ туохтааҕар да үрдүктүк
тутуллар буолбута.
2020 сылга Аҕа дойдубут сайдыытыгар сүҥкэн хардыыны оҥорбуппут: Арассыыйа Президенэ Владимир Путин көҕүлээһининэн Арассыыйа олохтоохторун баһыйар куолаһынан Арассыыйа Федерациятын Конституциятыгар уларытыылары ылыммыппыт. Ол курдук, Бүтүн Арассыыйатааҕы куоластааһын түмүгүнэн социальнай өйөбүл дьаһалларын бигэтиттибит, атын судаарыстыбалары кытта сыһыаҥҥа Арассыыйа Конституцията баһыйарын ситистибит, дойдубут устуоруйатын кырдьыгын уонна кэскилин көмүскүүргэ олук уурдубут, элбэх омуктаах судаарыстыбабыт култууратын, тылын эгэлгэтин чөл хаалларыыны уонна сайыннарыыны мэктиэлээтибит, федерациябытын бөҕөргөттүбүт.
Саха сирэ Улуу Арассыыйаны кытта холбоһон түөрт үйэ кэриҥэ биир дьылҕаланан кэллэ. Кэнники сүүс сыл устатыгар балысханнык сайынна: социальнай-экэнэмиичэскэй көрдөрүүлэринэн Уһук Илиҥҥи эрэгийиэҥҥэ итиэннэ бырамыысыланнас салаатыгар дойдуга инники кэккэҕэ таҕыста. Биир дойдулаахтарбыт Арассыыйа бары олохтоохторун кытта бииргэ оҕолорбут, сиэннэрбит кэскиллэрин туһугар кыраныыссабытын көмүскүүллэр. Эйэлээх дьону араҥаччылыыр, неонацизмы утары охсуһар Арассыыйа Федерациятын гражданнара буоларбытынан биһиги киэн туттабыт.
Күндү доҕоттор! Бука барыгытыгар чэгиэн туругу, дьолу-соргуну уонна Аҕа дойдубут туһугар саҥа ситиһиилэри баҕарабын! Үүнэ, чэчирии, сайда тур, Улуу Арассыыйабыт!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев