Киир

Киир

Ахсынньы 16-18 күннэригэр Саха сирин оҥорон таһаарааччыларын бородууксуйаларын Петропавловскай-Камчатскай куоракка «Сделано в Якутии» быыстапка-дьаарбаҥкаҕа көрдөрүөхтэрэ.  

Манна Саха сирин 10 тэрилтэтэ уонна урбаанньыта кыттыаҕа. Камчатка кыраайын олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар ааттаах-суоллаах саха уустарын көмүстэн оҥорбут киэргэллэрин, илии оҥоһуктарын, күндү бэлэхтэрин, сахалыы ойуулаах-мандардаах иһити-хомуоһу, айылҕа чэйин, оттон-мастан, сир аһыттан барыанньалары, сыаналаах балыктары атыылыахтара.  

Быыстапка чэрчитинэн 2023-2027 сс. Саха сирэ уонна Камчатка кыраайа атыы-эргиэн, наука-тиэхиньикэ уонна социокултуурунай хайысхаҕа үлэлэһиигэ сөбүлэҥнэрин тэрээһиннэрин кыттыһан ыытар туһунан боротокуолга илии баттыахтара.

Санатар буоллахха, «Сделано в Якутии» бырайыак 2017 с. бэс ыйын 1 күнүгэр тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларын биир тиһиккэ киллэрэн үүннэрэр-сайыннарар соруктаах тэриллибитэ. Билигин бу тиһиккэ өрөспүүбүлүкэ  200 тэрилтэтэ үлэлиир.

Сонун төрдө: CӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар