Киир

Киир

Үлэһит киһи үтүө аата уопсастыбаҕа үрдүөҕэ, үлэтэ сыаналаныаҕа диэн Хаҥалас улууһун Төхтүр нэһилиэгэ МТ баһылыга Кэскил Багдарыын санаатын үллэстэр.
 
«Кэлэр 2023 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Сергеевич Үлэ сылынан биллэрбитэ көдьүүстээх уонна наадалаах дии саныыбын, чуолаан тыа сиригэр олорор дьоҥҥо. Үлэһит дьон күүспүтүн, санаабытын түмэн, үлэлээтэхтпитинэ тыабыт сирэ, улууспут, өрөспүүбүлүкэбит сайдыа диэн бигэ санаалаахпын», – диэтэ Кэскил Багдарыын. Маны таһынан, “Эркээни хочото” уруттуур сайдыы сирэ-уота диэн сокуон бырайыагын Ньургун уола Кэскил наадалааҕын эттэ. “Биһиги нэһилиэккэ 10-ча урбаанньыт бу тэтимҥэ киирсэн, ылсан, үлэлииргэ бэлэмнэр”, - диэн бэлиэтээн эттэ.
 
Хаҥалас улууһа МО дьаһалтатын пресс-киинэ