Киир

Киир

Бэҕэһээ Дьокуускайга Юрий Гагарин аатынан Култуура уонна аныгы ускуустуба киинигэр Аан маҥҥайгы өрөспүүбүлүкэтээҕи Этномедиафорум буолан ааста. Тэрээһини СӨ Тас дойдулары кытта сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэтэ уонна Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ кыттыһан тэрийдилэр. Миниистир Гаврил Кириллин форуму сыл ахсын ыытыахпыт диэн биллэрдэ.

Саҥа тэрээһин сырдатар-иһитиннэрэр эйгэлэр көмөлөрүнэн дойдубутугар норуоттар доҕордоһууларын бөҕөргөтөр, култууралар алтыһыыларын элбэтэр уонна атын регионнары кытта бу хайысхаҕа үлэлэһиини, уопут атастаһыытын олохтуур соруктаах. Ол да иһин манна дойду араас регионуттан элбэх ааттаах-суоллаах спикер кытынна. Саха сирин олохтоохторун Донецкайтан байыаннай суруналыыс, мусукаан Аким Апачев онлайн тахсан эҕэрдэлээтэ. Форуму ыччакка сөптөөх сэргэх ньымалары туһанан хас да түһүмэҕинэн ыыттылар: “Cила v Правде” сэһэргэһии былаһаакката, РФ регионнарын медиа эйгэтигэр этнобыраактыканы билиһиннэрии былаһаакката, хамаанданан оонньуулар, этно-квест, “Сначала было Слово” эспиэрдэр былаһааккалара, “Cвет Отчизны” дойдуга бэриниилээх ыччат аахсыйата.

Тэрээһин чэрчитинэн Сырдатар-иһитиннэрэр эйгэлэр ортолоругар норуоттар икки ардыларынааҕы уонна этноконфессиональнай сыһыаны сырдатыыга «Мир и согласие» күрэс ыытылынна. Биллэриллибит биэс хайысхаҕа отут кэриҥэ үлэ киирбититтэн өрөспүүбүлүкэтээҕи бэчээт уонна электроннай таһаарыы хайысхатыгар биһиги “Кыым” хаһыаппыт суруналыыһа Саргылаана Багынанова “Уулжан: Бары түүр төрүттээхпит” диэн суруйуута бастаата. Ытыктабыллаах кэллиэгэбитин саҥа кыайыыгынан эҕэрдэлиибит, чэгиэн туругу уонна айымньылаах үлэни баҕарабыт.

14a799f1 e99d 418a a750 039b1f9fddba 1

Эһиги болҕомтоҕутугар Саргылаана Багынанова бастакы миэстэлээх суруйуутун таһаардыбыт: https://kyym.ru/sonunnar/don/10317-uulzhan-bary-t-r-t-r-tteekhpit