Такси үлэтин сааһылыыр саҥа сокуон, өҥөнү туһанааччылары харыстыырын таһынан, элбэх киһини эбии дохуота суох хаалларар уонна өҥө сыанатын балысханнык үрдэтэр чинчилээх. Сокуон сүрүн балаһыанньалара 2023 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн олоххо киириэхтээхтэр.
Сокуон ирдииринэн:
- Үстэн элбэх төлөнө илик ыстарааптаах уонна буруйун боруостуу илик киһи таксилыыра көҥүллэммэт;
- Такси сулууспата суоппар уонна массыына туругун суолга тахсыан иннинэ булгуччу көрүөхтээх ;
- Суоппар алта ый устатыгар сакаастарын сурунаалга киллэрэн иһиэхтээх;
- Массыына иһигэр суоппар туругун хонтуруоллуур тэрил баар буолуохтаах;
- Массыына үрдүгэр такси бэлиэтэ уонна оранжевай өҥнөөх уот баар буолуохтаах;
- Такси өҥөтүн тэрийэр сулууспалар суоппар оҥорбут буруйугар эппиэтинэс сүгэллэр.
- Уонна да элбэх.
Сокуон сорох өрүттэрэ туһата суохтарын туһунан "In Drive” хампаанньаны төрүттээччи Арсен Томскай эппитэ. Оттон эһиги туох дии саныыгыт?
Бэйэ кэр.