Киир

Киир

“Кыым” хаһыакка 2023 сыл бастакы аҥаарыгар сурутуу түмүктэннэ. Ол түмүгэр “Кыымы” 10 тыһ. тахса киһи сурутта.

Билигин, дойду барытын үрдүнэн хаһыаттар маассабайдык сабылла, ахсааннара сиҥнэн түһэ турар кэмигэр, бу – олус үчүгэй көрдөрүү. Дьоммут-сэргэбит “Кыымы” көхтөөхтүк сурутарын түмүгэр саҥа үүнэр 2023 сылга хаһыаппыт тираһа энчирээбэккэ, ахсаана аҕыйаабакка, быйылгытын курдук кээмэйинэн тахсар буолла. Ол – барыбыт уопсай кыайыыбыт!

 “Кыым” эрэдээксийэтин аатыттан ураты махталбытын Сунтаар улууһун, Майа сэлиэнньэтин (Мэҥэ Хаҥалас), Дьааҥы улууһун Адыаччы нэһилиэгин дьаһалталарыгар биллэрэбит. Ити сирдэр баһылыктара, хаһыаты сурутуу оруолун-суолтатын өйдөөн, быйылгы сурутуу хампаанньатыгар олус эппиэттээхтик сыһыаннастылар, социальнай өттүнэн кыһалҕалаах, сааһырбыт дьонноругар “Кыым” хаһыаты сурутан биэрдилэр, сурутууга кыаллар суолу барытын оҥордулар. Үтүө дьыала хаһан да умнуллубат!

Хаһыаппыт эрэдээксийэтэ ону өйдүүр уонна, этэргэ дылы, “үтүөнү үтүөнэн төлөһөргө” бэлэм. Санатабыт, Сунтаар улууһун баһылыга – Анатолий Григорьев, Майа баһылыга – Алексей Неустроев, Дьааҥы Адыаччытын баһылыга – Иннокентий Юмшанов.

Даҕатан эттэххэ, билигин, сыана туохха барытыгар үрдүү турар кэмигэр, киһи эрэ барыта санаатаҕын аайы хаһыаты сурутар кыахтаах буолбатах. Хаһыаты ааҕан, дьон олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсар, сайдар, билиитэ-көрүүтэ хаҥыыр, уопсастыба олоҕуттан ойдон-туораан хаалбат, социальнай актыыбынаһа уонна олоххо дьулуура уҕараабат.

Онон ити барыта биһиги уопсай кыһалҕабыт! Атын улуустар, нэһилиэктэр дьаһалталара эмиэ бу кэскиллээх боппуруоска ылсыахтара-кыттыһыахтара диэн эрэнэбит.

Ытыктабыллаах “Кыым” хаһыат ааҕааччылара! Саҥа үүммүт 2023 сыл эһиэхэ бу быйылгы дьыллааҕар ордук элбэх үөрүүнү-көтүүнү, ситиһиини аҕаллын!

“Кыым” эрэдээксийэтэ.

Санааҕын суруй