Киир

Киир

Ытыктабыллаах "Кыым" ааҕааччылара!

Ааһан эрэр сылга өрөспүүбүлүкэбит өрөгөйдөөх сүүс сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтибит. Онон кэлэр сылга аны төрөөбүт дойдубут кэлэр сылларга сайдар саҕахтарын олохтуурга эрэллээхтик хардыылаабытынан барыахпыт. Или-эйэни араҥаччылыыр Ийэ хотуҥҥа сүгүрүйэн, өрөспүүбүлүкэбитигэр Ийэ сыла киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэнэн ааста, кэрэ аҥаардарга, ийэлэргэ болҕомто бары хайысхаларынан күүһүрдэ.

Орто дойду олоҕун суруллубатах сокуонунан күммүт үтүө да, мөкү да түгэннэрэ элбэх буолар. Бу уустук кэмнэргэ саха норуота  түмсүүлээхпитин көрдөрөн, ханнык да ыарахантан чаҕыйбакка, сылы этэҥҥэ туораатыбыт. Ити тэтиммитин ыһыктыбакка, дойдубут, норуоппут туһугар өссө күүскэ сомоҕолоһон, үлэлээн-хамсаан, саха сайдар саргытын салайсыахпыт!

Кэлэр сылга өбүгэлэрбит мындыр анаарыыларынан үһүс халлааҥҥа олорор Дьөһөгөй Айыы сыла тосхойор. Дьөһөгөй Айыы киһиэхэ күүһү, үлэлиир, баһылыыр-көһүлүүр дьоҕуру биэрэр. Хаһаайын диэн бэйэ бас билэр күрүөлэниитэ-хаһааланыыта, дьиэлэниитэ-уоттаныыта, сүөһүлэнии, сылгыланыы. Онон Ил Дархаммыт 2023 сылы Үлэ сылынан биллэрбитэ мээнэҕэ буолбатах. Сахалар биһиги үлэһит омукпут. Ханнык да ыарахан үлэттэн чаҕыйбакка, тыйыс дойдубутугар мындыр өйбүтүнэн норуот быһыытынан чиҥник туран, үүнэн-сайдан кэллэхпит. Онон Дьөһөгөй Айыыбыт көмөтүнэн, бары кыахпытын холбоон, өй-санаа, духуобунас өттүнэн өрө көтөҕүллэн, дойдубут инники сайдыытын туһугар бары бииргэ сомоҕолоһон, үлэни-хамнаһы өрө тутан көрсүөхпүт диэн бигэтик эрэнэбин.

Кэлэр сыл дойдубутугар Учуутал уонна уһуйааччы сылынан биллэрилиннэ. Хайа да кэмнэргэ саамай ытыктанар, олох киэҥ аартыгар уһуйан таһаарар, билии байҕалыгар угуйар киһинэн учуутал буолар. Учууталга болҕомто ууруллан, үүнэр көлүөнэбит сайдыылаах, дьоһун дьон буолан тахсарыгар бигэ тирэх буолуоҕар саарбахтаабаппын.

Күндү ааҕааччылар! Эһигини саргылаах Саҥа дьылынан уонна Ороһуоспанан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Кэлэр сылга холумтаҥҥыт сылаас буоллун, дьаҥ-дьаһах тумуннун, ил-эйэ эрэ эҥээрдэстин, чэгиэн-чэбдик буолуҥ! Саҥа дьылынан, саҥа дьолунан!

Бар дьон дьокутаата
Мария Христофорова.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар