Киир

Киир

Дьокуускай „Сатал“ түөлбэтигэр тохсунньу 1 күнүгэр сарсыарда 7 чааска, – 50 тымныы сатыылаан турдаҕына, уот аччыгый ыстаансыйата алдьанан ыаллар гаас оһохторо арахсан, генератора суох ыалларга дьиэлэрэ тоҥно, сүүһүнэн дьиэ тоҥор турукка киирдэ.

Судаарыстыбаннай хааччыйыы кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Лепчиков иһитиннэрбитинэн, бу күн 638 дьиэ уот ситимиттэн арахсыбыт. Онтон төһөтүгэр сылытар турбалара тоҥмута чопчу биллибэт. Социальнай ситимнэринэн 85 дьиэ тоҥно диэн суруйаллар. Сорох ыаллар гаражтара, септиктэрэ, атын да тутуулара тоҥмуттар.Үгүс  дьиэ докумуона суох буолан, көмөҕө хапсыбат кутталлаахтар.

ЦЭС үлэһиттэрэ, алдьаныыны оҥорон, сарсыарда 7 чааска барбыт уоту 16 чаас ааһыыта биирдэ холбообуттар. Билиҥҥи туругунан, тоҥмут дьиэлэри сылааска холбуур үлэ салҕанар. 21 дьиэ, хаһаайыннара көстө илик буолан, туруктарын сыаналыы иликтэр.

Дьокуускай к. баһылыга Евгений Григорьев чааһынай дьиэлээх дьон уот барар түгэнигэр мэлдьи бэлэм уонна гаас оһох оннугар сылытар саппаас тэриллээх буолуохтаахтар диэн эттэ. Гаас тэрилтэтин кытта түһэрсэр дуогабарга оннук диэн сурулла сылдьар үһү. Онуоха, генератор төһө сыаналааҕын бары билэбит. Киһи эрэ барыта уйуммат.

Олохтоохтор үгүстэрэ уотунан хааччыйар сулууспаны буруйдууллар. Саахалы түргэнник туоратар оннугар “түөлбэ бэрэссэдээтэлин булан этиҥ” диэн эппиэтинэһи киниэхэ салайбыт сурахтаахтар. Оттон уот аччыгый станцията умайбытыгар сорох дьон фейерверк ыппыт итирик дьону буруйдууллар. Ол төһө кырдьыгын силиэстийэ эрэ быһаарар кыахтаах.

Бэйэ кэр.