Киир

Киир

Тохсунньу 8 күнүттэн Кытай ковиды бохсор сүрүн хааччахтары уһулан, кыраныыссаны арыйда. Онуоха, тастан киирээччилэр айанныахтарын 48 чаас иннинэ COVID-19 ыарыыга анаалыс туттараллара син биир ирдэнэр.

Кытайга ый хаамыытын халандаарынан саҥа дьыл  тохсунньу 22 күнүгэр буолар. Бу кэмҥэ үгэс быһыытынан кытайдар аймахтарын кытта алтыһаллар. Сырдатар-иһитиннэрэр таһаарыылар суруйалларынан, хааччах көтүллүбүтүн кэннэ бастакы риэйсэнэн хас да сыл устата дьиэ кэргэттэрин кытта кыайан көрсүбэккэ сылдьыбыт дьон тиийбиттэр.

Санатан эттэххэ, 2020 сылга Кытайга бүттүүн локдаун, карантины булгуччулаах тутуһуу курдук саамай кытаанах хааччахтар киирбиттэрэ.

Сонун төрдө: https://dv.ysia.ru/

Санааҕын суруй