Киир

Киир

Саҥа сыл тохсунньу1 күнүттэн Саха сиригэр тиийинэн олоруу алын кээмэйэ биир киһиэхэ ортотунан 21 706 солкуобай буолла. Бу ааспыт сыллааҕар 13,6%-нан үрдүк. Алын кээмэй нэһилиэнньэ социальнай көмөҕө наадыйыытын быһаарыыга туттуллар.

Тиийинэн олоруу алын кээмэйин социальнай уонна үлэ сыһыаннаһыыларын сүрүннүүр өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйа сыана үрдээһинин учуоттаан быста. Онон, сүрүн социальнай-демографическай бөлөххө маннык буолла:

- үлэлиир нэһилиэнньэҕэ - 23 660 солк.;

- биэнсийэлээхтэргэ – 18 667 солк.;

- оҕолорго – 22 560 солк.

Арктика оройуоннарын хабар I зонаҕа тиийинэн олоруу алын кээмэйэ биир киһиэхэ ортотунан 25 396 солк. тэҥнэстэ: үлэһиттэргэ - 27 682 солк.,
биэнсийэлээхтэргэ - 21 840 солк., оҕолорго - 26 395 солк.

Киин оройуоннары уонна Дьокуускай куораты хабар II зонаҕа тиийинэн олоруу алын кээмэйэ биир киһиэхэ ортотунан 21 272 солк. тэҥнэстэ: үлэһиттэргэ - 23 187 солк., биэнсийэлээхтэргэ - 18 294 солк., оҕолорго - 22 109 солк.

Сонун төрдө: CӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтин пресс-сулууспата

Санааҕын суруй