Киир

Киир

Саха сирин суруналыыстарын сойууһа ааспыт сыл түмүгүнэн бастыҥ суруналыыстары уонна бастыҥ сырдатар-иһитиннэрэр үлэлээх тэрилтэлэри талла. Кыайыылаахтары тохсунньу 13 күнүгэр Арассыыйа бэчээтин күнүгэр эҕэрдэлиэхтэрэ.

Дьэ, кимнээх бастыҥ буоллулар?

“Көмүс бөрүө” - "Киин" куорат хаһыат суруналыыһа Айыына Ксенофонтова.

“Көмүс микрофон” - "Саха" НКИХ тэлэбиидэнньэтин бырайыактарын ааптара уонна ыытааччыта Максим Березин, "Саха" НКИХ араадьыйатын эрэдээктэрэ  Иван Тарасов.

“Сыл бастыҥ саҕалааһына” – "Саха" ГТРК Вести Саха биэриитин ыытааччыта Айтал Павлов.

“Сыл бастыҥ интэриниэт таһаарыыта” - "Саха" НКИХ "Чохоон" оҕо ханаала.

“Сыл бастыҥ дизайна” – Хаҥалас улууһун "Хаҥалас" хаһыатын техническэй эрэдээктэрэ Арсентий Афанасьев.

“Сыл бастыҥ түмүктээх үлэтэ” – "Кыым" хаһыат суруналыыһа Саргылаана Багынанова.

“Сыл бастыҥ медиа-персоната” – “Ил Түмэн” бэчээт кыһатын генеральнай дириэктэрэ-кылаабынай эрэдээктэрэ, норуот дьокутаата Мария Христофорова.

“Сыл бастыҥ уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ” – "Ил Түмэн" хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ Валентина Соломонова.

“Сыл бастыҥ пресс-сулууспата” анал бириис – Дьокуускай к. уокуруктааҕы дьаһалтатын пресс-сулууспата.

Бэйэ кэрр.