Киир

Киир

«Туймааданефтегаз» тэрилтэ Өлүөхүмэҕэ 34,8 мөл. кубометр иэннээх гаастаах сири булла.  

“Cаҥа хостонор сир көстүүтэ Саха сирин сайдыытыгар улахан суолталаах. Элбэх инвестиция киирэр, саҥа үлэ миэстэтэ тахсар, сир-уот оҥоһуллар”, - диэн Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээтэ. “Мухтинскай” диэн ааттаммыт саҥа сир «Сила Сибири» гаас турбата уонна ВСТО ньиэп турбата ааһар сириттэн чугас эбит. Онон, кэскилэ улахан.  

Санатар буоллахха, 2022 сыл түмүгүнэн Саха сирэ бырамыысалыннас сайдыытыгар Арассыыйа уон бастыҥ регионун ахсааныгар киирбитэ. Ол курдук, ааспыт сылга гааһы хостооһун 17 млрд кубометрга тиийбитэ. Бу  2021 сыллааҕыга тэҥнээтэххэ 24% улахан.

Сонун төрдө: CӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата

Санааҕын суруй