Дьиэҕэ гааһы киллэриигэ биир кэмнээх харчынан көмөнү элбэх оҕолоох ыалларга дохуоттарын кээмэйиттэн тутулуга суох биэриэхтэрэ. Өрөспүүбүлүкэ салалтата туһааннаах дьаһалга ол туһунан уларытыыны киллэрдэ.
Көмө кээмэйэ биир дьиэҕэ 150 тыһ. солк. тиийиэҕэ. Бу харчыны гаас турбатын дьиэҕэ киллэриигэ, дьиэ ис-тас өттүгэр тардыыга, гааһынан оттор хочуол, билиитэ, суоттуур тэрил, радиатор, ыстаал уонна пластик турбалары ылыныыга, гаас тэрилин холботорго, таҥарга туттуохха сөп.
Гааһы киллэриигэ харчынан көмө Аҕа дойду сэриитин уонна тыыл бэтэрээннэригэр, байыаннай дьайыы бэтэрээннэригэр уонна анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр эмиэ дохуоттан тутулуга суох оҥоһулларын санатабыт. Көмөнү ылыыга сайабылыанньаны улуус дьаһалтатыгар, куорат уокуругар олорор сиринэн бэриллэр.
2022 сылга СӨ Үлэ министиэристибэтин нөҥүө барыта 1 206 дьиэ кэргэҥҥэ 168 мөл. 100 тыһ. солк. көмө оҥоһуллубут.
Сонун төрдө: CӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата