Киир

Киир

 «Якутуголь» холдинговай хампаанньа 2022 сылга «Горизонт» санаторий-профилакторийга үлэһиттэри чэбдигирдии хайдах ааспытын туһунан түмүктэри оҥордо.

Манна барыта 843 киһи эмтэммит. Онтон 330 – хампаанньа үлэһиттэрэ,  184 – атын тэрилтэ үлэһиттэрэ, биирдиилээн дьон. Төлөбүрдээх өҥөнү 329 киһи туһаммыт. Дьон ордук сөбүлээн эмтиир илбийиини, уопсай магнитотерапияны, Шарко дууһун, ультразвугунан чинчийиини оҥотторбут.

Хампаанньа үлэһиттэрин чэбдигирдии 21 күн устата ыытыллар. Үлэһит кууруһу уоппуска кэмигэр эбэтэр үлэлии да сылдьан ааһыан сөп. Ороскуоту тэрилтэ бэйэтэ уйунар. «Горизонт» Саха сирин соҕурууҥҥу өттүгэр соҕотох санаторий-профилакторий. Онон, манна Нерюнгри, Алдан уонна Дьокуускай олохтоохторо сытан сынньаналлар, эмтэнэллэр.

Сонун төрдө: «Якутуголь» пресс-сулууспата

Санааҕын суруй