Бүгүн Национальнай бибилэтиэкэ устуоруйатын саалатыгар төрүт үҥкүүбүт - Оһуохайбыт Арассыыйа норуоттарын култууратын үйэлээх баайын быһыытынан үрдүк билиниини ылбыт үөрүүлээх түгэнин бэлиэтиир уонна салгыы сайдар суолун-ииһин тобулар төгүрүк остуол буолан ааста.
Манна оһуохайы үөрэтиигэ, сайыннарыыга, тарҕатыыга үгүс сыраларын ыыппыт култуура уонна наука үлэһиттэрэ, уопсастыбанньыктар, оһуохайдьыттар, сырдатар-иһитиннэрэр үлэһиттэр муһуннулар. Төрүт үҥкүүбүт улахан билиниини ылбытыттан үөрүү уонна киэн туттуу эйгэтэ үөскээтэ. Кыл кырыымпа тыаһаата, тойук дьиэрэйдэ, оһуохай эйээрдэ.
Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан Национальнай үҥкүү тыйаатыра уонна Арктикатааҕы судаарыстыбаннай ускуустуба уонна култуура института кыттыһан тэрийбит төгүрүк остуолларын ускуустуба дуоктара Ангелина Лукина иилээн-саҕалаан ыытта. Сүрүн этиилэри Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Антонина Григорьева, Үҥкүү тыйаатырын дириэктэрэ Александр Алексеев, “Оһуохай” түмсүү салайааччыта Александр Данилов оҥордулар.
Аар Дархан этээччи Семен Черноградскай тойугунан уонна оһуохайынан эҕэрдэтин кэннэ 1987 сыллаахха Дьокуускай к. мээрин бастакы солбуйааччытынан үлэлии сылдьан “Оһуохай” түмсүүнү төрүттээбит Саха сирин Аар Дархан этээччитэ Афанасий Алексеев тыл эттэ:
- Биһиги, оһуохайдьыттар, төрүт үҥкүүбүт бүтүн Арассыыйа болҕомтотун ылбытыттан улаханнык үөрдүбүт. Бүгүҥҥү тэрээһин оһуохайбыт салгыы сайдыытыгар төһүү буолуо диэн эрэнэбит. 1987 сыллаахха Дьокуускай к. мээрин бастакы солбуйааччытынан үлэлии сылдьаммын “Оһуохай” түмсүүнү төрүттээбитим. Онтон ыла оһуохайбыт сайда турар. Билигин түмсүү бэрэссэдээтэлэ Александр Джурович элбэх үлэни ыытар. Ол курдук, сүүстэн тахса Үтүөлээх этээччилэр, отут кэриҥэ Дархан этээччилэр баар буоллулар.
Маны этэн тураммын, оһуохайбыт өссө үчүгэйдик сайдарын туһугар үрдүкү салалтаҕа көрдөһүүлээхпит. Бастатан туран, Сахабыт сиригэр Оһуохай күнүн олохтуурга. Бу олус суолталаах. Иккиһинэн, Оһуохай дьиэтин тутарга. Биһиги оһуохайдыыр сирбит суох. “Арчы дьиэтигэр” аҕыйах чааһы көҥүллэтэн мустабыт. Аржаков уулуссатын 5 №-дээх дьиэтин уларсарга Ил Дархаҥҥа уонна мээргэ сурук түһэрэн сөбүлэҥ ылбыт курдукпут. Дьиҥэр, сир биэрэллэрэ буоллар, дьиэни бэйэбит да тутуо этибит, - диэн оһуохайбыт сайдыытыгар үтүмэн үтүөлээх уонна үлэлиир баҕалаах ытык кырдьаҕас түмүктээтэ.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Оһуохай” түмсүү салайааччыта Александр Данилов Дархан этээччилэр мунньахтарыгар РФ үтүөлээх, СӨ норуодунай артыыһыгар Дмитрий Артемьевка “Саха сирин үтүөлээх этээччитэ” диэн кылаан ааты иҥэрэргэ бирикээс тахсыбытын туһунан үөрүүлээх сонуну иһитиннэрдэ. Манна кини Үҥкүү тыйаатыра туруоран көрдөрбүт “Айыы аймах биһигэ” диэн испэктээкилэ оһуохайбыт сайдыытыгар уонна бүгүҥҥү ситиһиитигэр тыын суолталааҕын бэлиэтээтэ уонна махтанна.
Иккис үөрүүлээх сонуну Нам улууһуттан сылдьар Саха сирин Дархан этээччитэ Валентин Хорунов-Дьэргэлгэн уоттаах-төлөннөөх тылларынан биллэрдэ. Кини, Саха сиригэр Оһуохай күнэ хайаан да баар буолуохтааҕын ыйан туран, Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов олунньу 1 күнүн Оһуохай күнүнэн биллэрэр туһунан дьаһал таһаарбытын иһитиннэрдэ. Онон намнар, оһуохайбыт Арассыыйа норуоттарын култууратын үйэлээх баайа буолаатын кытары уталыппакка, дьоһуннаах хардыыны оҥордулар.
Төгүрүк остуол түмүгүнэн, оһуохайы салгыы үйэтитиигэ уонна сайыннарыыга туһуламмыт түмүк докумуон оҥоһуллан туһааннаах уорганнарга барда. Онон, Саха сирин олохтоохторо Оһуохай күнэ биллэриллэрин долгуйа күүтэбит.
Тэрээһини сырдатта Күндэли.