Киир

Киир

Тохсунньу 23-29 күннэригэр Арассыыйа үрдүнэн диспансеризация уонна профосмотр  нэдиэлэтэ ыытыллар. Бу аахсыйа нэһилиэнньэҕэ ананар, сылын аайы бэйэ доруобуйатын бэрэбиэркэлэтии тоҕоостооҕун, туһалааҕын өйдөтөр сыаллаах ыытыллар.

Диспансеризацияны тэрийии Арассыыйаҕа 2013 сылтан саҕаламмыта. Урукку кэмҥэ дьон диспансеризацияны ааһыыта мөлтөх көрдөрүүлээх буоллаҕына, билигин доруобуйатыгар болҕомто уурар дьон элбээтэ. Бу көрдөрүнүү сүрүннээн ыарахан ыарыылары эрдэттэн быһаарарга туһуланар. Холобура, рак,  сүрэх ыарыыта, сахарнай диабет онтон да атын ыарахан ыарыылары быһаарыллар. Онон, диспансеризация курдук доруобуйа туругун бэрэбиэркэлээһинтэн куотунар сатаммат. Ол кэриэтэ, эрдэттэн олорор сиргитинэн балыыһаҕа суруйтаран, доруобуйаҕыт туругун билэргит ордук! 

Диспансеризация ирдэбилинэн, 18-39 диэри саастаах дьон үс сылга биирдэ көрдөрүнэллэр, оттон 40-тан үөһэ саастаах дьон сыл ахсын көрдөрүнэллэрэ булгуччулаах.

Диспансеризация икки түһүмэҕинэн ыытыллар. Чуолаан сүрэх-хаан, тыынар уорганнары көрөллөр. Бастакы түһүмэххэ сэттэ көрүҥ бэрэбиэркэни ааһаллар: анкета, хааҥҥа салгын хааччыйыытын кээмэйэ (сатурация), клиническэй, биохимическэй хаан анаалыстара, спирометрия – эҕирийэр уонна төттөрү таһаарар салгынын иэнин кээмэйин сыаналааһын, ону таһынан киһи туругун учуоттаан алта мүнүүтэлээх хаамтаран көрүү тиэһин ыыталлар. Өссө бу сыл иһигэр рентгеҥҥэ түһэ илик буоллаҕына  рентгенография оҥороллор.  Хоруона хамсыгын ыараханнык аһарыммыт дьоҥҥо анаан Д-димера диэн хаан хойдооһунун бэрэбиэркэлиир анаалыс ыыталлар. Дьэ, бу бэрэбиэркэни ааһан баран, ыарыы сибикитэ бу киһиэхэ биллибит буоллаҕына, быраас эбии иккис түһүмэххэ анаан ыытар. Манна эхокардиография, тыынар уорганнары компьютернай томографиянан көрүү, УЗИ – дуплексное сканирование ааһаллар. 

Ыарыыны эрдэттэн сэрэтэр мэдэссиинскэй бэрэбиэркэни (диспансеризацияны) булгуччу ааһаргыт тоҕоостооҕун өйдөөн, чуолкай диагноскытын сөпкө туруортаран, анал бырааска көрдөрүнүҥ, бэйэҕит доруобуйаҕытын харыстаныҥ диэн ыҥырабыт!

Өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай доруобуйа
уонна мэдиссиинэ профилактикатын киинэ