Ааспыт 2022 сылга киэҥ эйгэҕэ тахсыбыт саха киинэлэрэ бары холбоон 70 мөл. солк. киллэрдилэр. Бу иллэрээ сыллааҕар 20%-нан элбэх. Ол эбэтэр, 2021 сыллаахха 56 мөл.солк. киирбит.
Бу киинэни уһулуу элбээһинин кытта ситимнээх диэххэ сөп. Холобура, 2018 сыллаахха 6 киинэ уһуллубут буоллаҕына, 2022 сылга - 13. Ааспыт сылга барыта холбоон 28 киинэ көрдөрүүгэ тахсан, 69,7 мөл. солк. киллэрбиттэр. Онно 225 тыһ. киһи сылдьыбыт.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи киинэ ситимин дириэктэрэ Пётр Чиряев холобурдаабытынан, Арассыыйаҕа уһуллан тахсыбыт 140 киинэттэн 36 мөл. солк. киирбит, ону 112 тыһ. киһи көрбүт буоллаҕына, Саха сиригэр ити кэмҥэ - икки төгүл элбэх. Прокат 2022 сыллааҕы лидердарынан 14,7 мөл.солк. киллэрбит «Зина и Лёха: Операция хвост и вымя» киинэ, онтон 12,7 мөл. солк. киллэрбит «Джулур: мас-рестлинг» киинэ буолбуттар.
Оттон дьаҥ иннинээҕи 2019 сылга саха киинэлэрэ 44 мөл. солк. киллэрбиттэр. Көстөрүн курдук, Саха сиригэр киинэни уһулуу дьаҥтан уонна атын да дьайыылартан тутулуга суох элбээн иһэр.
Сонун төрдө: CӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата