Тохсунньу 31 күнүгэр СӨ Быыһыыр сулууспатыгар Серебряный Бор бөһүөлэк икки олохтооҕо тохсунньу 28 күнүгэр снегоходунан Нерюнгриттан 60 км тэйиччи Улахан Мэлэмкээн өрүскэ барбыттарын уонна төннүбэтэхтэрин туһунан иһитиннэрии киирбит. Убай уонна быраат тохсунньу 30 күнүгэр кэлиэх буолбуттар эбит. Кинилэри кытта сибээс быстыбыт.
Олунньу 1 күнүгэр, балыксыттары көрдүү, өрүс туһаайыытынан Нерюнгритааҕы көрдүүр-быыһыыр этэрээт үлэһиттэрэ барбыттар. Эр дьону тута булбуттар. Кинилэр сибээһэ суох сиргэ алдьаммыт көлөлөрүн өрөмүөннүү сылдьаллар эбит. Этэрээт салайааччыта Михаил Гидиу иһитиннэрбитинэн, балыксыттар оттуллар балааккаҕа олорбуттар, бородууктанан хаһаанан кэлбиттэр.
«Дьолго, балыксыттар үчүгэйдик тэринэн барбыттар. Онтон атын хайдах буолуохтара биллибэт этэ. Туруктара үчүгэй, онон балыыһаламмакка полицияҕа тиэртибит. Балыксыттарга, булчуттарга, айанньыттарга ыраата бараргытыгар чугас дьоҥҥутугар сылдьар суолгутун, кэлэр күҥҥүтүн этэр буолуҥ. Айылҕаҕа тымныы кэмҥэ ирдэнэр малгытын үчүгэйдик хааччынаргытын умнумаҥ. Көмө ирдэнэр түгэнигэр «112» эбэтэр 8(4112) 45-90-19 эрийиҥ», - диэн кини сүбэлиир.
Сонун төрдө: СӨ Быыһыыр сулууспатын пресс-киинэ