Киир

Киир

Саха сирин норуодунай худуоһунньуга Эллэй Сивцев кыыһа Элеонора Сивцева «Сахамедиа тэрилтэни ааптар быраабын кэспитин иһин суутунан 20 тыһ. солк. ыстараап уурдарда.  Ааптар быраабын кэһии тэрилтэ «Якутия» хаһыатын сүрүн сирэйигэр  “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхо ойуутун ааптарын ыйбакка бэчээттээбитигэр көстүбүт.

Биллиилээх худуоһунньук хартыыналарыгар ааптар быраабын бас билээччи Элеонора Сивцева хаһыат бас билээччиттэн сөбүлэҥ ылбакка эрэ ойууну туһаныа суохтаах диэн санаалаах. Суут үҥсүү бу чааһын кытта сөбүлэспит, ол эрээри атын дьон бас билээччиттэн көҥүлэ суох туһаналларын боборго сөбүлэспэтэх. Оннук бобуу ааптар быраабын кэһии чахчы суоһуур эбэтэр салҕанан барар түгэнигэр ууруллуон сөп эбит. Санатар буоллахха, бу айымньыны Эллэй Сивцев 1973 сыллаахха Владимир Карамзины, Иннокентий Корякины кытта уруһуйдаабыт.

Маннык үҥсүүлэр суукка биирдэ эмэ киирэллэр эбит. Саамай улахан айдаан Айаал Кириллин-Күндэл матыыбыгар айыллыбыт ырыаны Ньурба улууһун баһылыгар хандьыдаат Александр Иванов ааптартан көҥүлэ суох олоҥыллаабытын кэннэ тахсыбыт. Онтон сылтаан кинини быыбартан туораппыттар.

Сонун төрдө: https://sakhaday.ru

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар