Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүн көрсө М. К. Аммосов аатынан ХИФУ иһинэн үлэлиир Сурук-бичик түмэлэ уонна математика уонна информатика института С. А. Новгородов алпаабытынан ОС Windows көмпүүтэргэ анаан клавиатура толкуйдаан таһаардылар.
Бастакы сахалыы учуобунньуктары суруйан таһаарбыт тыл үөрэхтээх учуонай Семен Андреевич Ноҕоруодап 1917 с. айбыт сахалыы алпаабыта 1924 с. судаарыстыбаннай алпаабыт быһыытынан билиниллибитэ уонна 1929 с. диэри туттуллубута. Кини алпаабыта сахаларга табыгастаах буолан, бүттүүн үөрэхтээһин ситиһиилээхтик ыытыллыбыта. Бастакы сахалыы айымньылар бары кэриэтэ бу алпаабытынан бэчээттэммиттэрэ.
Ноҕоруодап клавиатуратын көмпүүтэргэ хайдах туруорабыт?
- Хачайдаан ылыҥ. “Скачать” диэн сигэни баттаан клавиатураны хачайдаан ылыҥ. Онтон setup.exe диэн суруктаах паапканы арыйыҥ. Ирдиир буоллаҕына, администратор паролун киллэриҥ. Сороҕор ОС Windows “перезагрузката” ирдэнээччи.
- Cирииби туруоруҥ. Ноҕоруодап алпаабытын сорох буукубалара көстүбэт буоллахтарына, Fonts каталог ширииптэрин арыйыҥ уонна «Установить» диэни баттааҥ. Google Chrome браузер саҥа сирииби туһанарын курдук, “Настройки” түннүгүнэн «Внешний вид» диэн сигэни арыйыҥ уонна «Настроить шрифты» диэни баттааҥ.
Сирииптэри ситиһиилээхтик туһаныҥ. Ыйытыылаах эбэтэр этиилээх буоллаххытына, биһиэхэ суруйуҥ:
Telegram: https://t.me/surukbicik
Mail.ru: Этот адрес электронной почты защищён от спам-ботов. У вас должен быть включен JavaScript для просмотра.
Сонун төрдө: https://www.s-vfu.ru