Киир

Киир

Төрөөбүт Тыл уонна сурук-бичик декадатын чэрчитинэн, “Кыым” норуот хаһыата 17.02.2023 с. күнүс 11.00 ч. “СМАРТ-бибилэтиэкэ” дьиэтигэр ааҕааччыларын, Дьокуускай олохтоохторун уонна ыалдьыттарын “аһаҕас лиэксийэ” киэптээх дьоҕус көрсүһүүгэ ыҥырар.

Тэрээһин биирдиитэ 30 мүнүүтэлээх 5 түһүмэхтээх буолуоҕа. Хас түһүмэх аайы – анал ыалдьыт:

1.САХАЛЫЫ САҤАРАР ОМУК ДЬОНО. Омук дьоно саха тылын тоҕо үөрэтэр? Тылы билэр туохха туһалааҕый?

2. ЭДЭР ТӨРӨППҮТ: дьиэ иһигэр сахалыы эйгэни хайдах тэрийэбит, оҕобутун сахалыы саҥардабыт?

3. САХАЛЫЫ МУЛЬТИК УОННА АНИМАЦИЯ: ойуулук төрөөбүт тылы билиигэ хайдах дьайарый? Омук ойуулуктарын солбуйар кыахтаахпыт дуо?

4. ЛОГОПЕД УОННА ДЕФЕКТОЛОГ: оҕо хойутаан тылланарын кыһалҕата уонна онно аналлаах сахалыы сүбэлэр

5. СОЦИОЛИНГВИСТИКА ЧИНЧИЙИИЛЭРЭ: саха тыл туһунан кэлиҥҥи чинчийиилэр тугу көрдөрөллөр? Сыыппаралар уонна чахчылар.

Тэрээһин 17.02.2023 с. күнүс 11.00 чаастан Дьокуускай 203-с мкрн баар “СМАРТ-бибилэтиэкэ” дьиэтигэр буолар. Аадырыһа: 203 мкрн, Ларионов уул. 12а дьиэтэ.

“Кыым” хаһыат эрэдээксийэтэ

 

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар