Сыл ахсын ыытыллар сылгыһыттар күрэхтэрэ быйыл кулун тутар 17 күнүгэр Хачыкаат нэһилиэгин Кыһыл Үрүйэ сэлиэнньэтин ипподромугар буолар. Күрэх хамаанданан уонна биирдиилээн кыайыыга туһуланан өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ сүүмэрдиир түһүмэх быһыытынан тэриллэр.
«Хамаандаҕа 4 кыттааччы киириэхтээх, аттара саха боруодалаах буолуохтаах. Күрэх чэрчитинэн «Сатабыллаах сылгыһыт» күрэх уонна «Дьөһөгөй Тойон таҥара сылынан» илии оҥоһугун дьаарбаҥка-быыстапката уонна, биллэн турар, ат сүүрдүүтэ буолуохтара”, - диэн улуус тыа хаһаайыстыбатын департаменын салайааччыта Андрей Архипов кэпсээтэ.
«Сылгыһыт күрэҕэ-2023» тэрээһин СӨ Ил Дарханын 2016 сыл атырдьах ыйын 22 күнүнээҕи Ыйааҕынан сыл ахсын ыытыллар.
Сонун төрдө: «Хаҥалас улууһа» МТ пресс-киинэ