Кулун тутар 16 күнэ - саха омук үөрэхтэниитигэр сүдү кылааттаах, саха литэрэтиирэтин төрүттээччи, сырдатааччы, төрөөбүт тылын, норуотунустуоруйатын уонна култууратын чинчийээччи, норуот фольклорун утумнаахтык хомуйааччы, бөлүһүөк Алексей Елисеевич Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүт күнүн бэлиэтиибит. Былырыын Алексей Елисеевич 145 сылын бэлиэтээһиҥҥэ, СӨ Бэрэсидьиэнин оскуолаларын ситимэ уонна Николаев-Киин көҕүлээһиннэринэн, “тыыннаах” чүмэчини уматыы “Өксөкүлээх сардаҥата” диэн аахсыйа олохтоммута. Быйыл бу күн куйаар ситиминэн Саха сирин араас муннуктарыттан холбоһон Өксөкүлээх сардаҥатын сыдьаайыттыбыт.
Николаев-Киин кэмпириэнсийэлиир саалатыгар ыҥырыылаах ыалдьыттар, нэһилиэк олохтоохторо, оскуола үөрэнээччилэрэ, устудьуоннар үөрүүлээх быһыыга-майгыга холбостулар. Манна Попов Семен Андреевич- Сэмэн Тумат, поэт, прозаик, литературнай кириитик, тылбаасчыт, суруналыыс, СӨ норуодунай суруйааччыта, СӨ култууратын бочуоттаах үлэһитэ; Гаврильев Чокуур Николаевич, Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Сахамедиа” иһитиннэрэр-бэчээттиир түмсүү генеральнай дириэктэрин солбуйааччыта; Угарова Яна, «Журфикс» сурунаал сүрүн эрэдээктэрэ; Дарбасова Светлана Дмитриевна, М.К. Аммосов аатынан А.Е. Кулаковскай институтун научнай үлэһитэ, к.п.н.; Захарова Айталина Афанасьевна, СӨ Национальнай архыыбын үлэһитэ; Малышева Наталья Николаевна, СӨ Национальнай архыыбын дириэктэрин I солбуйааччыта, Неустроева Саргылана Александровна, СӨ ФПП "Историческай өйдөбүл" уопсастыбаннай сэбиэтэ кыттыыны ыллылар.
Сардаҥа кыымын А.Е. Кулаковскай төрөөбүт дойдутуттан Таатта улууһуттан балаҕанын көмүлүөгүттэн Алексей Елисеевич сиэн кыыһа Рива Реасовна эһэтин хоһоонун уматта (сырдатта). Таатта улууһун аҕа баһылыга Михаил Михайлович Соров уоттаах-төлөннөөх эҕэрдэ эттэ.
Салгыы СӨ Ил Дархана А.С. Николаев эҕэрдэ тылын Гаврильев Чокуур Николаевич аахта. Манна даҕатан эттэххэ, СӨ Ил Дарханын Айсен Николаев ыйааҕынан 2023-2025 сыллар – Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй биэс сылынан биллэриллибиттэрэ.
Ол кэннэ Николай Гаврилович Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай колледж дириэктэрэ Иван Иванович Алексеев бу үгэс буолбут тэрээһини утумнуоххайыҥ диэн ыҥырыы тылын эттэ.
Попов Семен Андреевич-Сэмэн Тумат, «Өксөкүлээх сардаҥата сыдьаайда! Кини сырдык сардаҥата биһиги норуоппутугар сырдык сулус буолан инникибитин сырдата, араҥаччылыы турдун!» - диэн этиитинэн түмүктэннэ.
Сонун төрдө: Николаев-Киин