Өрөспүүбүлүкэтээҕи «СулуСТАР» вокал күрэҕин кыайыылааҕа Ньурба улууһуттан сылдьар Павел Николаев буолла. Кинини күрэххэ ырыаһыт Анастасия Готовцева бэлэмнээтэ. Павел «Сир бастыҥ куората» ырыаны толордо.
Көрөөччү биһирэбилин Амма улууһуттан сылдьар Аина Ильина - Kakitoka ылла. Кыайыылаахтары уонна түмүк тэрээһиҥҥэ киирбит кыттааччылары култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирин солбуйааччыта Марина Силина эҕэрдэлээтэ:
- Кыайыылаахтар харчынан бириис тутуохтара, оттон кыттааччылар ырыаларын «Саха» НКИХ араадьыйатыгар тыаһатыахтара. Маны таһынан, кинилэр Эстрада тыйаатырын кэнсиэригэр кыттыахтара, - диэн кини биллэрдэ.
Бу күрэх «Муус Устар» ыччат бэстибээлин чэрчитинэн ыытылынна. Манна эдэр ырыаһыттартан 40 сайаапка киирбитэ. Онтон полуфиналга - 15, финалга – 5 киһини талбыттара. Бу: Владимир Васильев (Үөһээ Бүлүү), Аина Ильина - Kakitoka (Амма), Анжела Тутукарова (Бүлүү), Павел Николаев (Ньурба), Трио «УОЛБАН» (Таатта).
Сонун төрдө: СӨ Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтин пресс-киинэ