Киир

Киир

Ыам ыйын 20-23 күннэригэр Дьокуускайга “Саханефтегазсбыт” аахсыйалаах уопсастыба 19 филиалын дириэктэрдэрин III-c Cийиэһэ буолла.

Киэҥ далааһыннаах тэрээһин кыттааччыларын “Саханефтегазсбыт” АУо генеральнай дириэктэрэ, Ил Түмэн норуодунай дьокутаата Виктор Лебедев эҕэрдэлээтэ. Ньиэп базатын салайааччыларын филиаллар 2022 сыллааҕы үлэлэригэр түмүгү таһаарарга көхтөөхтүк кытталларыгар, кэлэр сыллардааҕы былааны дьүүллэһэргэ, ыллыктаах этиилэри киллэрэргэ уонна түгэни туһанан кэллиэгэлэри кытта уопуту хардарыта атастаһарга ыҥырда.

Үс күннээх сийиэс бырагырааматыгар сөп түбэһиннэрэн, хас биирдии филиал дириэктэрэ туох үлэни ыыппытын отчуоттаата, 2021 сыллааҕы көрдөрүүнү тэҥнээн көрөн анаалыстаата. Маны таһынан филиаллары салайар састаапка ыксаллаах, суһал суолу-ииһи салайыы, ньиэп бородуукталарын учуоттааһын, харайыы, ньиэп базаларын тутуу, хапытаалынай өрөмүөн, саҥардан оҥоруу курдук тоҕоостоох тиэмэлэргэ эспиэрдэртэн лиэксийэлэри истэллэригэр этии киллэрдилэр. Дириэктэрдэр филиаллар үлэлэригэр сыһыаннаах боппуруостары быһаарар, интэриэһиргиир хайа баҕарар ыйытыыларыгар хампаанньа салайааччыларыттан сүбэ ылар уонна оннооҕор былааҥҥа уларытыылары киллэрэр кыахтаннылар.

Сийиэс кулун тутар 23 күнүгэр түмүктэннэ. Бу күн сүрүн офиска филиаллар дириэктэрдэрэ уонна тэрилтэ салааларын начаалынньыктара кыттыылаах төгүрүк остуол тэрилиннэ.

Салгыы кулун тутар 24-29 күннэригэр “Саханефтегазсбыт” АУо филиалларын дириэктэрдэрэ СӨ Баһылыгын иһинэн тэриллэн үлэлиир инновациялыы менеджмент үрдүкү оскуолатыгар салайар сатабылы сайыннарарга квалификацияны үрдэтэр куурустары аастылар. Үөрэх сэминээрэ быраактыка, интерактивнай хардарыта быһаарсыы, дьыалабыай оонньуу, бөлөҕүнэн дискуссия уо.д.а. халыыбынан барда.

 “Биһиги хампаанньа үлэһиттэр таһымнарын үрдэтэргэ ураты болҕомтону уурабыт. Филиал дириэктэрдэрин сийиэһин кэннэ үлэһиттэр идэтийбит сатабылларын үрдэтэргэ тэрээһиннэри салгыы ыытыахпыт”, – диэн Виктор Лебедев эрэннэрдэ. Санатан эттэххэ, ааспыт сыл сэтинньитигэр “Саханефтегазсбыт” сүрүн офиһыгар филиаллар сүрүн инженердэрин Уопсастыбатын түмпүтэ. Онно Москубаттан, Санкт-Петербуртан ыҥырыллан кэлбит эспиэрдэрдэргэ үөрэнэн ачыстаассыйа ааспыттара,  бырамыысыланнай, баһаарынай, экологическай өттүнэн куттала суох буолууга квалификацияларын үрдэппиттэрэ. Филиаллар сүрүн буҕаалтырдарыгар ньиэп бородуукталарын учуоттуурга үөрэх сэминээрэ эмиэ тэриллибитэ.

Яна БАЙГОЖАЕВА, “Саханефтегазсбыт” пресс-сэкирэтээрэ.