Бүгүн, кулун тутар 30 күнүгэр, Саха сирин 18 байыаннай сулууспалааҕа икки нэдиэлэлээх уоппускаларыгар кэллилэр. Байыастары бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Георгий Степанов көрүстэ.
Кини Ил Дархан аатыттан эҕэрдэ эттэ уонна ытыктабыл бэлиэтигэр хас биирдиилэригэр саха быһаҕын туттарда. «Эһиги Аҕа дойдугут иннигэр ытык иэскитин чиэстээхтик толоро сылдьаҕыт. Биһиги эһиги этэҥҥэ сылдьаргытыгар уонна дьиэ кэргэннэргит этэҥҥэ олороллорун туһугар туох кыалларын барытын оҥоруохпут», - диэн кини эрэннэрдэ.
«Биһиги бары бииргэ десантнай-штурмовой биригээдэҕэ сулууспалыыбыт. Запорожье диэки бойобуой соруктары толоробут. Бэйэм ааспыт сылга быстах хомуурга ыҥырыллан барбытым. Сахалар хаһан баҕарар дойдуга бэриниилээхпитин көрдөрөөччүбүт. Бары тыыннаах уонна чэгиэн, кыайан-хотон эргиллиэхпит диэн эрэнэбин», – диэн «Стрелец» позывнойдаах байыас санаатын үллэһиннэ.
Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дархан пресс-сулууспата