Уус Алдан улууһун Бороҕон сэлиэнньэтигэр 2 №-дээх оскуолатын саҥа дьиэтин бастакы сыбаайата 2021 сыллаахха Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр түһэриллибитэ. Кэмниэ-кэнэҕэс, муус устар 14 күнүгэр 450 миэстэлээх оскуола саҥа дьиэҕэ киирдэ.
Үс этээстээх дьиэ 5854,87 кв. м. иэннээх. Манна 17 үөрэнэр кабинет, үс лаборатория, үлэ араас көрүҥнэригэр үөрэтэр мастарыскыайдар, успуорт уонна гимнастика саалалара, 150 миэстэлээх остолобуой, 270 миэстэлээх аактабай саала бааллар.
Оскуола тиэргэнэ 1,52 ганы ылар. Манна географическай уонна и метеорологическай былаһааккалар, сүүрүүлээх-көтүүлээх оонньууларга, сынньанарга, оҕуруот аһын олордорго аналлаах сирдэр баар буолуохтара.
Санатар буоллахха, эбийиэк «Үөрэх» уонна «Аныгы оскуола» национальнай бырайыактар чэрчилэринэн тутуллунна.
Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата