Киир

Киир

Оренбурга Улуу Пасха бэлиэтэнэр күнүгэр 8 саастаах Максимка доҕорун кытта дьиэтиттэн чугас оонньуу сырыттаҕына кыыллыйбыт ыттар саба түһэн тырыта тыытан сиэтилэр. Оҕо барахсан гаражтар кэннилэригэр саһа сатаабыт. Доҕоро аһаҕас сиргэ дьон диэки куотан быыһаммыт курдук.

Оҕону сиэбит биэс ыттан үһэ приюкка киирэн тахсыбыттарын бэлиэтиир биркалаах эбиттэр. Онон, «Бурматов сокуонунан», итилэри хаттаан тутан приюкка хаайар көҥүллэммэт. Оттон бирката суох икки ыты, приюкка илдьэн быһыы туруоран биркалаан баран, биир ыйынан төттөрү ыытыахтаахтар. Дьэ, киһи өйүгэр баппат быһыы.

Итини барытын толкуйдаан, Госдума дьокутааттарынан ылыннаран, олоххо киллэрбит дьокутаат Бурматов идэтинэн салалтаны буруйдуур... Дьиҥэр, кини ыттарга «тапталыттан», «аһыныгас» сүрэҕиттэн уонна кинини өйөөбүт дьокутааттартан киһи өлүүлээх алдьархайдар тахса турдахтара.

Бу дьулаан быһылаан хас биирдии чараас сүрэхтээх уйулҕатын хамсатта. Ыттары көмүскүүр сокуон баарын тухары дьиикэй ыттар дьону сии туруохтарын дьокутааттар хаһан өйдүөх бэйэлэрэй? Бүгүн Оренбург оҕото, оттон сарсын? 

Бэйэ кэр.