Киир

Киир

Муус устар 27 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүн бэлиэтиибит. Онон судаарыстыбаннай былаас уорганнарын уонна судаарыстыбаннай тэрилтэ үлэһиттэрэ өрүүллэр. Ол иннинээҕи үлэ күнэ биир чаас кылгыыр. Онтон атын тэрилтэлэр хайдах өрүүллэрин бэйэлэрэ быһаараллар.

Биэс күн үлэлиир дьон Үлэ уонна Саас бырааһынньыгынан муус устар 29 күнүттэн ыам ыйын 1 күнүгэр диэри өрүөхтэрэ. Оттон Кыайыы күнүнэн - ыам ыйын 6 күнүттэн 9 күнүгэр диэри. Ол эбэтэр, алта күн үлэлиир дьоҥҥо өрүүр күннэрэ биир күнүнэн кылгас – муус устар  30 күнүттэн ыам ыйын 1 күнүгэр уонна ыам ыйын 7 күнүттэн 9 күнүгэр диэри - буолуоҕа.   


Сонун төрдө: СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтэ

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар