Киир

Киир

Бүгүн, муус устар 20 күнүгэр, улахан суолталаах социальнай бырааһынньык – Хаан донорын национальнай күнэ бэлиэтэнэр.  Бу күн “Якутскэнерго”ПАУоАрҕааҥҥы уот ситимин тэрилтэтин сорох үлэһиттэригэр эмиэ ураты суолталаах. Ол курдук, тэрилтэ ньурбатааҕы учаастагын электромонтера Андрей Буслаев 102 төгүлүн хаан туттарда.

Андрей Николаевич Арҕааҥҥы уот ситимигэр 1997 сылтан үлэлиир. Ону сэргэ, 57 саастаах уопуттаах энэргиэтик, дьон олоҕун быыһаары, хаан туттарар идэлээх эбит. Кини Арассыыйа бочуоттаах донора ааты 2005 сыллаахха  ылбыт. Ол туһунан маннык кэпсээтэ:

«Хаан туттарыытыгар 1987 сыллаахха бииргэ үлэлиир киһибэр ирдэммитигэр тиийбитим. Онно сылдьаммын дьоҥҥо маннык көмөлөһөр кыахтаах буоллахпына, көмөлөстөхпүнэ сатанар диэн санааҕа кэлбитим.  Оччолорго Ньурбаҕа донор диэн суоҕун кэриэтэ этэ. Ол иһин суһал көмө хаһан баҕарар, түүннэри даҕаны ыҥыран ылан хаан тутар буолара. Билигин усулуобуйа быдан тупсан турар. Ол эрээри балыыһаларга хаан син биир тиийбэт. Онон эдэр дьону хаан туттарыытыгар көҕүлүөхпүн баҕарабын: дьоҥҥо көмөлөһөртөн куттанымаҥ, баар-суоҕа 450 миллилитр хаан үс киһи олоҕун быыһыыр кыахтаах!», – диэн Александр Буслаев ыҥырда.

Сонун төрдө: “Якутскэнерго” ПАО пресс-сулууспата

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар